Быйыл Дьокуускайдаа5ы культура уонна искусство колледжын иhинэн торут культура салаата торуттэммитэ 25 сыла томточчу туолар.  Бу сыллар усталара биhиги республикабытыгар торут культура5а сыhыан, ойдобул дьэнкэ уларыйда: кэккэ сылларга ыhыах сиэрэ-туома,  сахалыы ырыа-тойук, олонхо толоруллар эйгэтэ соргутуллуннэ,  оро тутуллунна. Билигин да сорох сиэрдэри-туомнары тиhигин быспакка тилиннэрэ, ис хоhоонун, хаамыытын  уорэтэргэ производственнай практика иhинэн сиэри-туому соргутэн кэллибит.

Мунха диэн ебугэлэрбит уйэттэн-уйэ5э, келуенэттэн-келуенэ5э илдьэ кэлбит бултуур биир ньымалара. Кэлэр кэнэ5эски ыччат бу утуо угэhи билэрэ кедьуустээх.

Дьокуускайдаа5ы культуура уонна искусство колледжын студеннара Энсиэли хочотун, Нам улууhун 1-Хомустаах нэьилиэгэр орто суhуех о5олоругар анаан мунха сиэрин-туомун, угэстэрин билиhиннэн орто оскуола тусаhатыгар алтынньы 30 кунугэр профориентационнай аhа5ас кылаас чааhа тэрийэн ыыттыбыт. Манна мунха хаамыытын, сиэрин-туомун, угэстэрин туhунан киэн ис хоhоонноох кэпсэтии та5ыста. Былыр обугэлэрбит хаhаайыстыбаларыгар бултааhын, балыктааhын суолтата арылынна, мунха5а туттуллар сэп-сэбиргэл оскуола саастаах о5олорун бол5омтолорун, интириэстэрин тарта. Ордук обугэбит  бэйэтин торут дьарыгыттан силистээх «мунха  оонньуута» ис хоhооно быhаарыллан о5олорго  оонньотулунна.

Алтынньы 31 кунугэр сарсыардаттан кургуемунэн мустан Хаарына эбэ5э мунхалыы барбыппыт. Мунха сиэрин-туомун, алгыhын Кривошапкин Дмитрий Иванович толорбута. Бастаан мунханы ыраастаан арчы сиэрин толорбута мустубут дьонно сонун буолан коhуннэ. Мунханы этин туспут маьынан куну тула эргийэ сылдьан алгыс эттэ. Ол кэннэ титириктэргэ  дэлбиргэ ыйаан уу уонна байанай ситимнэрин олохтоон бэлэх биэрдэ. Ол кэннэ мунха са5аламмыта, кэлбит дьон-сэргэ сургэтэ кете5уллэн, уерэн-кетен, илии тутуурдаах, еттук харалаах теннубуттэрэ. Торут культура салаата мунха хаhаайыныгар Новгородов Федор Ивановичка, алгысчыт Кривошапкин Дмитрий Ивановичка, тэрийсиигэ комолоспут Новгородова Александра Николаевна5а уонна бары обугэбит торут угэhинэн ыытыллыбыт мунха5а кыттыспыт нэhилиэк олохтоохторугар бар5а махталбытын тиэрдэбит. Обугэбит угэhэ суппэтин, сиэр-туом симэлийбэтин! …

IMG-20151103-WA0014 IMG-20151103-WA0013 IMG-20151103-WA0007 IMG-20151103-WA0006 IMG-20151102-WA0011 IMG-20151102-WA0009 IMG-20151102-WA0004 IMG-20151031-WA0002