Ийэ тыл күнүгэр аналлаах үөрүүлээх киэһэ тиһигэ
(Ийэ тыл күнэ: С.А. Новгородов төрөөбүтэ 125 сааһа, алфавита уонна букубаара бэчээккэ тахсыбыттарын 100 сылыгар аналлаах үөрүүлээх киэһэни ыытыы тиһигэ).
- Аман олук. (Киирии)
Үтүө күнүнэн Ийэ тыл үйэлээх түһүлгэтигэр тоҕуоруһа мустубут ытык-мааны үтүөкэн дьоммут, кэнчээри ыччаппыт!
Бүгүн саха омук олоҕор үйэлээх кэскили төрүттээбит, үөрэх-сайдыы киэҥ дуолун тэлэйбит саха чулуу уола Сэмэн Өндөрөйөбүс Ноҕоруодап төрөөбүт алгыстаах күнэ!
Семен Андреевич Новгородов төрөөбүтэ 125 сааһынан, сахалыы сурук-бичик … 100 сылынан ….
Түҥ былыргы төрүттэрбит үтүмэн үрдүк очуос таас эниэтигэр чочуйан хаалларбыт бичиктэрин тылын бэлиэлэрэ сүүрбэһис үйэ уон сэттис сылыгар латыынныы сурук бэлиэлэринэн оҥкулланан сахалыы сурук үөскүүр төрүтэ ууруллубута….
Олох уһун суолугар суругу суоллталаан бэлиэ охсон испит тиһиктэрин күүһэ … үөрэхтээх үрдүк сайдыылаах омуктар үтүө дьайыыларын тиҥэринэн сурук-бичик бэлиэлэрэ оҥоһуллан 100 сыла бэлиэтэнэр. Уруй-туску! Үөрүүлээх түһүлгэ өрөгөйдөөх үрдэлигэр ыҥырабыт
Үөрүүлээх киэһэ аһыллыбытын туһунан … аман тыла.
Икки гимн.
Эҕэрдэлэр икки-үс киһи.
Наҕараадалары туттарыы..
ТӨРӨӨБҮТ СОРУГУМ…
Уобарастар:
С.А. Новгородов – Дмитрий Местников.
Ийэтэ – Никитина Н.Г.
Аҕата – Гурьев Г.И.
Сэмэнчик (оҕо эрдэҕинээҕитэ) – Айтал Соров.
М. К. Аммосов – Геннадий Охлопков.
П.А. Ойуунускай –
В.В. Никифоров – Иван Гаврильев.
Ис.Н. Барахов – Максим Судимов
А.Е. Кулаковскай – Дорҕоон Дохсун
К. О. Гаврилов. – Прокопий Софронеев
Учуутал – Мирон Окороков
Муся Потапова. – Туйаара Софронеева
Мария Павловна Фелицина – Настасия Колесова.
А. А.Новгородов – Михаил Габышев
Е. С. Новгородова – Оксана Илларионова.
Машинистка – Чэмэлиинэ Билюкина
Киирии. Кыһыл оҕо омуннаах, куйаары уһугуннарар, күн сиригэр кэлбит үөрүүтүн итэҕэтэр “эһээ-эһээ”-тинэн быыс арыллар.
Түһүлгэ көстүүтэ: Мэтириэт, С.А. Новгородов үтүөкэн үйэлээх тылларын латыынныы тылынан суруллубут былакаата, үс кинигэ тас торума улаатыннарыллан, сиэдэрэйдик (ытык, сүгүрүйүү бэлиэтинэн) киэргэтиллэн, кэккэлии ууруллубуттар.
Сцена кэтэҕиттэн кыһыл оҕолоох Ийэ барахсан тахсар. Кинини нарын-намчы, Иэйиэхсит хотун илэ чахчы кэлбитинии, Айыыһыт хотун ала чахчы аргыстаспытыныы үҥкүү тулалыыр.
Ыытааччылар: Семен Андреевич Новгородов Орто туруу бараан дойдуга Үөһээ Үрдүк айыылартан ананан, саханы саха, норуоту норуот дэтэр уол оҕо төрөөбүтүн туһунан, ичээн, сээркээн сэһэннэр түүллэринэн түстээбиттэрэ үһү: Өндөрөй Ноҕоруодапка улахыын сурук остуоллаах, элбэх кумааҕылаах СУРУКСУТ улуута киһи төрөөтө диэн.
“Баҕадьы” көстүү киирэр.
Сэмэнчик ийэтин ырбаахытыттан сосуһан сценаҕа тахсаллар, аҕалара кэннилэриттэн батыспыт. Уол омуннаммыта, өрүкүйбүтэ сүрдээх.
Сэмэнчик: Ийээ, ийээ, аҕам Баҕадьыга илдьэ барбат. Баҕадьы диэн тугуй? Ыал дуо? Аҕаа, миигин илдьэ бар. (Ийэлэрэ ыйытардыы аҕаларын диэки көрөр).
Аҕата: Торбос ыстаанынан тоҥуо уонна өссө да кыра. Тукаам, Сэмэнчик, таҥараҕа үҥк, таҥара эйигин улаатыннарыа, улааттаххына илдьэ барыам.
Сэмэнчик: Таҥараа, миигин улаатыннар даа, мин аҕабын кытта баҕадьыга бассыам этэ… (үҥкпүтэ буолар). Онтон тута наһаа хомойон, ытаан ньиккирэтэн барар:
Сэмэнчик. Таҥара сатаан улаатыннарбата, миигин аҕам баҕадьыга иппэтэ…
Ыытааччы. Саха норуотун маассабай үөрэхтээһин аанын тэлэйбит үтүөкэн киһибит Семен Андреевич Новгородов оҕо сааһын түгэннэриттэн ахтыыларга олоҕурбут көстүүнү тилиннэрдибит. Кини бэйэтин кэминээҕи тыа сахатын оҕотун олоҕун, үлэтин, кыһалҕатын – барытын билбит бэрт сэмэй, өйдөөх оҕо эбитэ үһү.
1 олук. Этинии, этиттэрии
Түһүлгэ хаҥас өттүн иннигэр урукку С.А.Новгородов кэмин тыынын биэрэр остуол, чүмэчи, кинигэлэр, кумааҕылар. С.А. Новгородов олорор.
Сыыйа турар, ырааҕы, кэлэри толкуйдуур дьүһүннээх. “Төрөөбүт соругум” хоһоонун ааҕар.
Испиттэн эппэҥнээн бардым,
Таспынан дьалкыйан бардым…
Этэр тылым
Эрэһэлээх иччитин,
Эгэлгэтин эриэнин
Иһиллээн туруҥ эрэ!
Үөскээбит кэскилим,
Төрөөбүт соругум диэн
Саха эрэйдээххэ
Саргыны салайарга
Сананан сылдьабын,
Саҥастарым барахсаттар!
Дьонум сордоохтору
Дьолго тиксэрэргэ
Дьоһуннанан сылдьабын,
Доҕотторум оҕолоро!
Ытык ырам
Ыттыйыа суоҕа,
Айыы санаам
Киэркэйэн барыа!
Саха урааҥхай
Дьоло томтойуор,
Өрөгөйө үрдүөр
Баайа барҕарыар
Быйаҥа дэлэйиэр,
Өйө-санаата уһуор,
Үөрэҕэ дириҥиэр диэритин
Оҥорбут оҥоһуум
Ордук үчүгэй буолан иһиэ,
Тэрийбит тэрээһиним
Тэлгэнэн иһиэҕэ,
Өйдөөбүт өйүм
Өҕүллүө суоҕа, Эппит тылым
Экчи быһа
Мүччүрүйүө суоҕа!
2 олук. Норуот кэскилин түһэ (суруктарынан диалог, уус-уран ааҕыы)
Ыытааччылар: (сцена кэтэҕиттэн)
- Семен Андреевич төрөөбүт норуотун сырдатар, сайдар суолун тобулар соругу – үөрэҕи киэҥник тарҕатыыга көрбүтэ. Кини – бэрт эдэркээн, оҕотук сааһыттан норуот дьылҕатын, кэнэҕэскитин туһун элбэхтик эргитэ толкуйдуур буолан, үөрэххэ сыстыаҕыттан саха улуу уоллаттарын Никифоровы, Ойуунускайы, Аммосовы, Өксөкүлээҕи, Бараховы, Гавриловы о.д.а кытта эн-мин дэһэр, сүбэ-соргу тутар кыахха киирбитэ биллэр.
- Семен Андреевич икки үйэ кирбиитигэр, икки тутул хабыр харсыһыытыгар олорбут буолан, ити кэм түһүүтүн-тахсыытын, хабырын-халыанын барытын этинэн-хаанынан билбитэ. Ити ааттаммыт саха чулуу уоллаттарын кытта, кылгас олоҕун тиһэх тыыныгар диэри, ситимин быспатаҕа, норуот олоҕун тыын араҥаларын быһаарсыыга өрүү өркөн өйүнэн, таһаарыылаах дьайыыларынан күүс-көмө буолбута.
1 кэпсэтии: САН уонна М.К.Аммосов.
САН. Максим, Күн аайы 2/3 муунта килиэби уонна бэрт аҕыйах (ыйга 6 муунта) селедканы ылабын. Эн кэннигиттэн Смольнайга 10 төгүл эбиэттээбитим кэннэ, аккаастаатылар. Аччыктыыр, тоҥор-хааһар тугун бэркэ биллим… Улаханнык ырдым буолан баран, билиҥҥитэ доруобайбын. Дьэ, ол хааллын…
Биллэрин курдук, бар дьоммут олоҕун-дьаһаҕын, экономикатын өрө тардыы – кини култууратын, үөрэҕин өрө көтөҕүүттэн тутулуктаах. Дьадаҥы, аас-туор, хааһахха хаайтарбыт курдук олорор дьоммут барахсаттар олохторун тупсарар, духуобунай күүстэрин уһугуннарар туһугар уһаппакка-кэҥэппэккэ киирсиэхпитин наада курдук өйдүүбүн.
Сэмэн.
М. К. Аммосов: Ленинград, Всаильевский пер. 2, Новгородову С. А. (машинистка бэчээттиир). Организуется при восточном издательстве Якутская секция, нужна ваша работа, приезжайте в Москву, секции нужен шрифт, узнайте, можно или нет достать в Петрограде. Аммосов.
САН. Сибиир кыһыл тойотун дьокутаата Махсыым Омуоһап диэн оҕолоох тойоммут этиитин толорорго бардым. Бар дьон кыһалҕата улахан, бэйэ туһа диэн куччугуй буоллаҕа дии!
М.Аммосов: Илдьити телеграбынан суһаллык тиэрдиҥ. Семен Новгородовы бэрт түргэнник Уркуускайга ыыта тардыҥ, онно дуу, табылыннаҕына, Москубаҕа дуу, сахалыы суругун-бичигин атын да кинигэлэрин хат баттатыах этэ, саха тылыгар туох суруллубут баарын барытын аҕаллын.
Аммосов.
2 кэпсэтии: САН уонна В.В. Никифоров.
САН. Ытык убайым Баһылай!
Кэпсэппэтэхпит өр даа буолла. Хараҥа хаайыыгыттан таһааран, хара хааҥҥын тоҕо-тоҕо эйигин илдьэллэрин саҕана, мин күбэй хотун ийэбин төрдүс сылбар көрсө тыалаан турарым. Кэнники Чытаа куоракка тиийэн эйигин көрсүөм буоллаҕа диэн бөҕөхсүйэ испитим, онтукабын баара Уркуускайтан Уоммускайга телеграмманан ыҥыттаран ылбыттара. Онтон Москубанан эргийэн бу Бүөтүр куоратыгар ыыппыттара. Кэлбит сорукпун толорорум чугаһаата.
Элбэх бүрээти билсэр, монгол, маньчжур омуктары ирдээбит-тордообут Котвич диэн үөрэхтээххэ дьиэлэнэн олоробун.
Сэмэн Ноҕуруодап.
В.В. Никифоров. Атастаах доҕорум Сэмэнчик!
Туох табылыктаах киһи түбэстэҕинэ, хайтах-туох олороргун, хайтах-туох быһыы-майгы буолан иһэрин суруй, онтон буостанан суруйбут сурук хотон аанньа тиксибэт, мэлдьи ылан ааҕан ыыталлар, онтон сахалыы суруллубут суругу букатын тиксэриэхтэрэ суоҕа. Ол иһин мин да буостанан суруйуохпун толлобун.
Норуоппутун сырдатар, ааҕар, суруйар – иннин, кэскилин көрµнэр буолар кыаҕын тутааҕын тутан, өй бөҕөнү түмэн, киэҥ билиигинэн сирдэтэн, утуйар ууну, аһыыр айдааны умнан туран, дорҕоонтон дорҕоону тиһэн үрүлүйэ үлэлии сылдьаргын кубулутума, үөрэхтэн үрдүк норуоту уһугуннарар улуу күүс суох! Кытаат, доҕоччуок!
Чэ, бырастыый, этэҥҥэ көрсүөхпүтүгэр диэри.
Микииппэрэп.
3 кэпсэтии: САН уонна А.Е. Кулаковскай.
А.Е. Кулаковскай. Нусхалла тут, доҕордоох доҕуһуолум Ноҕоруодап удьуора, Ачыак аһыҥаһа, Өндөрөй төрүөҕэ! Дьэ, доҕор, үөхсэр өйдөннүм, саҥарар санааланным, мөккүһэр төрүөттэнним. Таптаан саҥарабын – таһарахтатыма, эйэргээн этэбин эрэйдэнимэ, кыһанан тыллаһабын кыыһырыма. Сахалыы суругу-бичиги салайаргар сайаҕас санааҥ сахтан саптарыллыбыт эбит, үтүө өйүҥ үөдэнтэн үрэлтэриллибит эбит, дэлэгэй мэйииҥ кэбэлтэн кэбэйиллибит эбит.
Во мне воскресла опаска, что ты упрочишь азбуку свою с ее недостатками. Если ученые согласились между собою установить международную транскрипцию, то это очень целесообразно и полезно для них. Но из этого не следует, чтобы все народы писали по этому способу.
Умляты ты изгнал, за это тебе великое спасибо.
Ну-с! Желаю тебе счастливого пути от всего сердца! Приезжай цел и невредим!
Иэйиэхсит ийэҥ
Илэ-бодо
Эҕэрдэнэн эккирэттин!
Айыыһыт аҕаһыҥ
Ала-чахчы
Алгыһынан аргыстастын!
Дьоппуоттар дьорҕойботуннар,
Сэмээнэптээх сиэбэҥнэппэтиннэр,
Кыһыллар кыбыһыннарбатыннар,
Үрүҥнэр үтүрүйбэтинэр…
Бэлиитикэҕэ мэһэйдэһимэ,
Баартыйаларга бараалаһыма,
Хомуунаҕа холбоһума,
Үрүҥнэри үтүктүмэ…
Хоргуйартан куот, аччыктыыры аһар,
Сибистэри билимэ…
Айхалынан айаннаа,
Уруйунан уһун,
Мичилинэн биһиги диэки биллээр.
Сотору соҕус суолтан суруйаар.
Твой А.
САН: Дорогой Алеха! Поьзуюсь первым случаем, чтобы ответить на твое длинное послание.
Напрасно ты упрекаешь меня в ослеплении международной транскрипцией только в теоретическом смысле: ведь я также записывал по ней с детства.
Благодарю тебя за предсказания о том, что я буду у врат рая за изгнание умлятов и за буквы дь, ҥ, л и за графемы для передачи дифтонгичных фонем.
Прошу сохранить мое письмо, я сохраню твою критику. Оба документа при моем возвращении из командировки могут быть напечатаны в отделе научной хроники журнала якутского губернского отдела народного образования.
Приветствую тебя как научного работника по исследованию Якутской губернии.
Жму крепко твою руку, твой Сэмэн.
4 кэпсэтии: САН уонна К.О.Гаврилов.
САН. Здравствуй дорогой, Кузя! Дьэ доҕоччуок, билии сахалыы суруйаргыт төһө диэлийэн сайдан эрэрий, хас киһи онуоха таттаран эрэрий, Ким тугу суруйда, эн бэйэҥ төһөлөстүҥ, дьэ эн бэйэҥ да кытаат, атыттар да кытааттыннар.
Мне бы хотелось, и это ты поймешь великолепно, сам будучи организатором, – там на месте подготовить кадры вполне грамотных лиц по новой транскрипции. Тогда бы я считал себя свободным сыном якутского народа. До той же поры я буду всегда чувствовать на себе этот долг.
Целую, нюхаю тебя. Сэмэн.
К.О.Гаврилов: Үтүө, таптыыр үөлээннээх доҕорум Сэмэн! Дьэ эн эрэйдэммит эрэйиҥ, үлэлээбит үлэҥ кыра-кыра атаҕар туран эрэр. Биһиги дойду хаһыатыттан көрдөххө, бу саҥа сурук тэнийэн тэлгэнэн бэккэ тарҕанан эрэр эбит. Бу суругунан “Кыым” диэн хаһыат тахсар буолбут. Бу сурук баар буолтун тухары хас да кинигэ тахсыбыт. Биир-икки сыл иһигэр уонча-сүүрбэччэ кинигэ бэчээттэнэрэ буоллар, саҥа сурук дуорас олохтонуо этэ. Москыабаҕа хайаан даҕаны кинигэ таһаарыахха наада. Бу чааһанан Сэмэн Донускуой бэккэ кыһанар.
Эн үөлээннээх доҕоруҥ Кууһума Хабырыылап.
5 кэпсэтии. И.Н. Барахов, П.А. Ойуунускай.
Ис.Н.Барахов. Бакуга, Тюркологическай сийиэс делегаттарыгар. Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин кэнниттэн, норуоту, оҕолору төрөөбүт тылларынан үөрэхтиир, саҥа сахалыы алпаабыт оҥорор боппуруос сытыытык турбутун, тыл үөрэхтээҕэ, лингвист, саха киһитэ Семен Андреевич Новгородов ситиһиилээхтик быһаарбытын туһунан иһитиннэрдибит.
Сийиэс делегата Ис.Н. Барахов.
П.А. Ойуунускай: Ноҕуруодап транскрипцията аҕыс сыл устатыгар үөрэҕэ суох, хаалыылаах Саха сирин үлэһит маассатын ортотугар култуурнай өрөбүлүүссүйэ модун төһүүтэ буолбута.
Бу буурҕа-холорук тохтоотоҕуна,
Бу охсуһуулаах улуу мөккүөр уурайдаҕына,
Сир ийэ хотун сирэйиттэн
Сирэйи-хараҕы сылаанньытар
Сытыы тырым сибэкки
Сири-буору көрдөрбөккө,
Сирилэччи үүнэн тахсыаҕа.
Оччотооҕу олох ырыата-тойуга,
Олоҥхото-хоһооно атын буолуоҕа,-
Минньигэс уран тыллаахтар,
Мичиҥнэтэр эриэккэс тойуктаахтар,
Уйаҕас, сылаас сүрэхтээхтэр
Улуу ырыаһыт аатырыахтара…
Ол онно бу Сэмэн Ноҕоруодап норуотун ааҕар, суруйар, сайдар төрүтүн оҥорбута диэн, дьон-сэргэ нөрүөн нөргүйүө!
3 олук. Талааннаах педагог.
Ыытааччылар: С.А. Новгородов латыынныы төрүттээх саха алпаабытын айан, саха норуотун киэҥ араҥатыгар үөрэх-сайдыы алгыстаах аартыгын арыйбыта. 20 үйэ 20-с сыллартан саҕалаан, биһиги дьиҥ киэҥник тэнийбит национальнай суруктаммыппыт, үөрэхтэммипит, сайдыы киэҥ аартыгар үктэммиппит.
С.А. Новгородов ааҕыыга үөрэтэр кинигэтин 1917 сыллаахха оҥорбута. Быйыл саха үөрэҕин кинигэтин – 100 сыла! Сахалыы үөрэх – 100 сыла! Билиҥҥи саха үөрэҕин сайдыытын чинчийээччилэр Семен Андреевич Новгородовы саха национальнай оскуолатын төрүттээччинэн, ийэ тылынан үөрэтии киһи сайдыытын сүрүн, тугунан да солбуллубат төрүтэ буолар диэн түөрүйэни – саха үөрэҕэр киллэрбит киһинэн, педагог-учуонай.
С.А. Новгородов. (суруйа олороро көстөр, Онтон суруйбутун бэрэбиэркэлэнэр быһыынан, хаама сылдьан, ааҕар, бар дьонугар ытык санааларын билиһиннэрэр):
Урукку батталлаах олоххо саха норуота түһээн да көрбөтөҕө, кини бэйэтин ийэ тылынан үөрэх-билии тарҕаныа диэн…
Ийэ тылларынан үөрэнэр дьоллоох норуоттар оҕолоро, сүрдээх дьаныардаах, кыһамньылаах буолаллар, тоҕо оннугуй? Тоҕо диэтэххэ кинилэргэ, кинилэр кырачаан өйдөрүгэр, уйаҕас сүрэхтэригэр, эттэригэр-хааннарыгар ийэ тыл улуу күүһэ баар, онон оҕоҕо ордук тийимтиэ үөрэх тылынан – ийэ тыла буолар, үөрэх, наука – сырдык, онтон үөрэҕэ суох буолуу- хааһахха хайтарыы диэни дириҥник ийэ тылларынан өйдүүллэр.
Үөрэҕи тарҕатыыга – хара ааныттан педагогическай литератураны бэйэ тылынан суруйууга, бэчээттээн тарҕатыыга улахан болҕомтону ууруохха наада.
Түһүлгэҕэ кинигэ тутуурдаах араас саастаах оҕолор киирэллэр. “Мин сатаан ааҕабын!” көстүү ыытыллар.
Хас да мөлтөх соҕус таҥастаах араас саастаах оҕолор килбигийэ, салла туттан учууталларын кэнниттэн киирэллэр.
Учуутал: Дьэ, доҕоттор, төһө ааҕар буоллубут? Саҥаны тугу биллигит-көрдүгүт?
Оҕолор:“Мин сатаан ааҕабын, мин сатаан ааҕабын”- дии-дии илиилэрэ күөрэҥнэс.
Оҕо: Чыычаах уйатын тыытар – айыы.
Оҕо: Сымыйалыыр куһаҕан.
Оҕо: Күлүүлээҕи.
Улахан оҕо: Саха баайа – ынах сүөһү.
Учуутал: Онтон ким үчүгэйдик сатаан ааҕарый? Ити сонуннаргытын ааҕан иһитиннэриҥ эрэ. Чэ, эн, Нээстэр, ааҕыаҥ дуо?
Улахан оҕо: Ааҕыам. Дорҕооннору сүһүөхтээн, кыратык бутулла-бутулла ааҕар:
Саха баайа-тото ынах сүөһү буолар. Ынаҕы ыан, үүтүн ылан сүөгэй, иэдьэгэй, хайах, арыы да эҥин-эҥин үрүҥ ас астаан сиир, ордугун атыылаан кыһалҕатыгар туттар…
Учуутал: Үчүгэй, онтон Ааныка эмиэ сатаан ааҕар Ааҕыаҥ дуо, Ааныка?
Ааныка: Ааҕыам… Эрэйдэнэн, ол эрээри дьулуһан туран ааҕар:
Арай биирдэ икки оҕо үөһэ тиит көҥдөйүгэр чыычаах сымыыттаабытын көрбүттэр. Биирдэстэрэ ыттан тахсан, сымыыттарын ылан баран, түһүөхчэ буолан истэҕинэ, туттан турбут мутуга тосту баран, дэлби түһэн хаалбыт.
Учуутал: Оҕолоор, тоҕо бу кэпсээн “Чыычаах уйатын тыытар сэттээх” диэн аатаммыта буолуой?
Оҕо: (сытыы оҕо) Сэттээх, сэттээх, чыычаах оҕотун өлөрдөххө, эйигин кырыыр, оҕоҕун сиир…
Оҕо: Сымыыттары ылбытын иһин, айылҕа сөбүлээбэтэх, мутук тостубут. Сөп буолаҕа дии…
Оҕо: Киһи көтөрү-сүүрэри, кыылы-сүөлү харыстыахтаах, кинилэр биһиги курдук дууһалаахтар…
Учуутал: Оҕолорум, маладьыастар, ийэ тылбытынан кэбэҕэстик ааҕарга, олоҕу өйдүүргэ үөрэнэбит.
(С.А. Новгородов 1923 с. таһаартарбыт “Сурук-бичик” диэн кинигэтин тиэкистэрин туһанан оҥоһулунна).
4 олук. Киһи, личность быһыытынан (майгы, таптал).
Ыытааччы: С.А.Новгородов сахаттан бастакы, киэҥ далааһыннаах лингвист-учуонай. Кини тийиммэт-түгэммэт, аччыктыыр, таҥаһынан быстарар диэннэри – этинэн-хаанынан билбитэ. Петербурга Илиҥҥи тыллар факультеттарыгар ситиһиилээхтик үөрэнэрин, дьаныһан туран дьарыктанарын, үтүө-мааны майгылааҕын иһин Семен Новгородовы бииргэ үөрэнэр доҕотторо, үөрэтэр учууталлара ытыктыыллара, кыахтара баарынан көмөлөһөллөрө. Кини эмиэ дьоҥҥо-сэргэҕэ биир тэҥ үтүө сыһыанын, сайаҕас, өрүү дьону өрө тутар, көмөлөһөр аакка сылдьар үтүө үгэстээҕин чугас доҕотторо, аймахтара бэлиэтииллэр.
Ыытааччы. Дьиэтэ-уота суох эрэй бөҕөнү көрө сырыттаҕына, монгол, калмык, маньчжур тылларын үөрэппит учуутала, биллииллээх нуучча уонна Польша востоковеда, академик В…Л… Котвич кинини бэйэтин дьиэтигэр олордубута, үп-харчы, ас-үөл өттүнэн көмөлөспүтэ, научнай үлэтигэр тирэх, сүбэһит буолбута биллэр.
Ыытааччы. Семен Андреевич орто дойдуга уол оҕо буолан төрөөн, нохтолоох тойон сүрэҕэ, өлбөт өркөн өйө үс суол үҥэр таҥаралааҕа: ИЙЭҔЭ, ТАПТАЛГА уонна НОРУОТУГАР.
САН уонна Муся Потапова
САН.(Суруйа олорон, аргыый туран, сцена уҥа өттүгэр олоппоско олорор Муся кэннигэр туран)
Тапталлаах доҕорум, муҥутуур Мууһакам, бу суруйа олорор буруйбун билинэбин, бука диэн суруйумаар диэн буолбутуҥ да, муҥ саатар, бу да курдук 23 көстөөх сиртэн олорон сүрэхпэр-быарбар, өйбөр-мэйиибэр муспуппун аан дойдуга кимтэн да ордук таптыыр киһибэр тоҕо тэбии түһэрбин көҥүллээ даа, сэгэттэйим!
Баар эрэ балтыкайыам,
Бэртээхэй биэбэкиэм,
Муҥутуур… Мууһакайыам,
Дьикти бэрт сигилигин
Ситэ-хото сөпсүүрбүн
Сиилии кэпсиим эрэ,
Сэгэртэйим оҕотоо!
Талыы дьоһун көрүҥҥүн
Наһаа аххан таптаабыппын
Санаан көрөөхтөө даа,
Далбарайыгым оҕотоо!
Аан ийэ дойдубут
Айылгылаах олоҕор
Арахсыспат доҕордуу
Буолуох эрэ, алтаныам!
Муся Потапова: Кэбиис… суох…атыны… (Сыыйа илиитин арааран, тахсан барар…)
САН уонна Мария Павловна Фелицина (нуучча кыһа, восточнай институт студентката).
Дорогой брат Андрюша!
В личной жизни могут быть перемены. Русская студентка Института Живых Восточных Языков Мария Павловна Фелицина, 22-23 лет, не отвергает любви моей, но и не дает пока окончательного согласия.
Үчүгэйкээн баҕайы, сырдык нуучча кыыһа киирэн, Сэмэҥҥэ утары барар, көрсүһэллэр:
САН уонна Мария Фелицина
(Вальсируют).
Пречистая душою,
Прекрасная собою,
Мария – ангел мой!
Ты – воплощение живое
Великой простоты,
Душевной чистоты,
Телесной красоты!
САН: Күбэй хотун ийэкэм, отут биирбин туоларбар ойох ыллым. Сахаҕа санаалаах бэйэм, онтукам табыллымына, нууччаны ыллым. Онтон бэркэ хомойор үһүгүөн. Бэйэҥ Дьөгүөссэ Сивцев хотунун хайгыыр буоларыҥ, мин Маайакабын үөрэҕинэн да, сигилитинэн да ол хотуннаааҕар ордук буолуо дии саныыбын. Кини миигиттэн кигээһинэ суох бары хаан урууларбар, бары аймахтарбар үҥэ-сүктэ олорор, эйиэхэ буоллаҕына тас гына олорор. Эһиил сайын миигин кытта барсыах буолар, аны күһүҥҥүттэн ыла кинини сахалыы үөрэтиэх буолабын.
Дьэ, ийэкээм, эһиил саас биир эмит биэҥ түһэрдэҕинэ, кымыстаар даа, кийиит оҕоҥ кэлиитигэр арыылаах кымыһынан биһигини айах тутан тоһуйдаргын, төһө эрэ үчүгэй буолар этэ!
Уруу-сыллыы хаалабын таптыыр уолуҥ Сэмэн.
Ыытааччы: Семен Андреевич ити ытык баҕата туолбатаҕа: ийэтигэр, хаан уруу дьонугар кэргэннэнэн, дойдутугар дьоһуннаан, дьоллонон кэлиитэ кыайтарбатаҕа. Дьылҕа хаан атыннык дьаһайбыта…
Ол эрээри ситим быстыбатаҕа – кэргэнэ Мария сити, 1924 сыллаахха кыыс оҕоломмута. Кыыһы – Елена диэн ааттаабыта.
Мария уонна Андрей.
Мария: Догорой Андрей Андреевич! Леночка здорова, но до сих пор не ходит еще, у нее слабые ножки оказались… это – ее преждевременное рождение, вследствие моего потрясения… Леночка до такой степени похожа на отца, что ее называют “маленький Семен Андреевич” и вообще она как-то похожа на мальчмика лицом, голова у нее такая же большая, как у отца.
Пишите, как вы все поживаете, как здоровье мамы, я надеюсь, если будет возможность, повидаться со всеми, ведь моя дочь настоящая якутка, и я хочу, чтобы она чувствовала свою родственную связь с Якутией и знала бы своих родных.
Ваша Мария Новгородова.
Андрей Андреевич: Дорогая Мария Павловна!
Как я обрадовался, когда получил Ваше письмо и карточку милой Леночки. Спасибо Кузьме Осиповичу, что он заботится о семействе своего друга Семена. Примите привет от мамы, безмолвно скучающей о своих детях, от сестер, беспрестанно оплакивающих преждевременную гибель дорого брата.
Да, я помню, когда прощался с ним на вокзале, у него навернулись слезы на глазах, и в тот же момент поезд тронулся, с тех пор не видел я его…
Ну, до свидания! Надеюсь, через год увидеться.
Ваш Андрей.
Ыытааччы: С.А. Новгородов кыыһа Елена Семеновна Дьокуускайга Педагогическай институту бүтэрбитэ, Эрилик Эристиин олоҕун, айар үлэтин чинчийэн, филологическай наука кандидатын истиэпэнин ылбыта. Санкт-Питербурга Герцен аатынан институкка омук тылын преподавателинэн үлэлээбитэ. Өрүү саха дьонун, ыччаттарын, учуонайдарын, чурапчылары кытта сибээһин эрэллээхтик, истиҥник тутуһара. Аҕатын курдук, арыт хоһоонунан саҥарар, сурукка киллэрэр идэлээҕэ.
Елена Семеновна
Аҕам кэриэһигэр…
Кэҥээтэ көхсүм, үйэ быыһа сэгэйдэ.
Көстөн кэллэ аҕам субу бурулуйбутунан,
Номоҕон тылы өрүһүйэр кэм-кэрдии
Кэллэ, норуотум үөрэхтэниэ диэбитинэн.
Ол тыл билигин да сүрэхтэргэ,
Олох сааскы ньургуһуннуу тыллар,
Бэйэ күүһүн саҥаттан көрүнэргэ,
Бар дьону сайдарга-үүнэргэ ыҥырар…
8 олук. Алаастан – Аан дойдуга.(финал).
Ыытааччы: Чурапчы, Болтоҥо сиригэр айыылартан айдарыылаах уол оҕо төрөөн, ийэ тылын Аан дойдуга, Аар Саарга аатырдыбыта, саха диэн омук орто дойдуга баарын, сырдыкка, сайдыыга тардыстар модун күүстээҕин итэҕэппитэ.
Ийэ тылбыт ыыра кэҥээтин, тускута туругуран истин!
Мантан салгыы Чурапчылар киирэллэр үһү … ол тугун, туох ис хоһооннооҕун билбэтим