А.Д. Макарова аатынан Дьокуускайдааҕы культура уонна искусство колледжын студеннара Туймаада ыһыаҕар кытыннылар
Бэс ыйын 24-25 күннэригэр Дьокуускай куорат Үс Хатыҥ сиригэр Туймаада ыһыаҕар, хас сылын ахсын буоларын курдук, биһиги үөрэхпит кыһатын уһуйааччылара, устудьуоннара көхтөөх кыттыыны ыллылар. Ол курдук ыҺыах аһыллыытыгар – алгыс, күнү көрсүү сиэридэригэр-туомнарыгар кытыннылар. Ыһыах ырыатын-тойугун, улахан оһуохайын Михаил Винокуров уһуйааччылаах төрүт культура салаатын устудьуоннара толордулар, доҕуһуоллаатылар, киэргэттилэр.
Үөрэхпит кыһатын бастыҥ уһуйаачылара, олор истэригэр Михаил Винокуров ыһыах алгыһын толордо, Роман Габышев күн көрсүүтүн сиэрин-туомун тэрийдэ, Захар Никитин, Мария Боппоенова, Василиса Мыреева, Сардана Харитонова, Алена Павлова «Өркөн» үҥкүү народнай ансаамбылын, «Эйгэ» сиэр-туом народнай театрын кытта «Кымыс-Айыы аһа» күрэх-фестивалы тэрийэн ыыттылар. Ону таһынан «Күн Өркөн» үөрэхпит кыһатын устудьуоннара кыттыылаах кэнсиэр тэрийэн ыыттылар.
Төрүт култуура салаатын устудьуоннара өрүү буоларын курдук Туймаада ыһыаҕын араас күрэхтэригэр кыттан ситиһиилэннилэр. «Чоргуй, чобуо чабыргах» күрэххэ «Оргуй-чоргуй» бөлөх (ЭХТ-21 гр., сал. Мыреева В.В.), «Талаһа аттыгар сэмээр кэпсэтии» диэн чабырҕаҕынан туруоруунан 1 үрдэл, «Дьүрүскэн куолас» күрэххэ – «Туйаарар» ырыа бөлөҕө «Ыһыах төгүлэ» ырыанан 2 үрдэл, «Толомон» ырыа бөлөҕө «Таҥалай ырыата» (бөлөхтөр сал. Винокуров М.Н.) күрэххэ 1 үрдэл кыайыылаахтара буоллулар. Оттон эдэр уһуйааччы Чулунов Э.А. салайааччылаах «Кыҥ-кыырай» саха төрүт инструменнарын ансаамбыла «Төрүт дорҕоон» күрэххэ 2 үрдэл буолла.