А.С. Федоров 80 сааьын көрсө сиэр-туом көрүүтүн түмүгэ
Дьокуускай куорат бочуоттаах гражданина, РФ уонна СР культураларын үтүөлээх үлэһитэ, САССР үтүөлээх артыыһа Афанасий Семенович Федоров 80 сааһын көрсө өрөспүүбүлүкэтээҕи сиэр-туом көрүүтүн түмүктүүр күнэ буолла.
Күрэх сыала-соруга: саха норуотун үйэттэн үйэҕэ илдьэ кэлбит төрүт үгэһигэр, сиэригэр-туомугар харыстабыллаах сыһыаны иҥэрии, сайыннарыы, үөрэтии, норуот сиэрин-туомун сөргүтүү, талааннаах коллективтары, чаҕылхай толорооччулары арыйыы, сиэр-туом дьиҥ былыргы халыыбын тутуһуу буолар.
Ол курдук, 3 үрдэл – Ньурба улууhун Чаппанда нэһ. – «Уоһах малааһына».
2 үрдэл – Булун улууһун Күһүүр нэһ. – «Эбэҥки норуотун күнү көрсүү сиэрэ-туома».
1 үрдэл – Таатта улууһун Харбалаахнэһ. – «Салама ыйааһына».
Кылаан Чыпчаал – Сунтаар улууһун, Сунтаар нэһ. – «Күнү көрсүү сиэрэ-туома».
Кыайыылаахтарга уонна бары кыттааччыларга барыларыгарэҕэрдэ уонна барҕа махтал! Инникитин да маннык көхтөөхтүк кыттан иһээрин!