Алгыс аартыгынан
Муус устар 6 күнүгэр П.А. Ойуунускай аатынан Саха Академическай театрын дьиэтигэр Саха Республикатын культуратын үтүөлээх үлэһитэ, СР үөрэҕириитин туйгуна, тута хоһуйааччы-хомусчут, А.Д. Макарова аатынан Дьокуускайдааҕы культура уонна искусство колледжын төрүт культура салаатын уһуйааччыта, алгысчыт, саха төрүт үгэстэрин тарҕатааччы Винокуров Михаил Николаевич үбүлүөйдээх дьоро киэһэтэ буолан ааста. Кинини СР культуратын уонна духуобунай сайдыытын миниистирэ Ю.С. Куприянов, СР Ил Дарханын уонна СР Бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын тыл боппуруостарын сүрүннүүр управление салайааччыта, фил. наука кандидата, СР культуратын үтүөлээх үлэһитэ, СР учууталларын учуутала, тута хоһуйааччы-хомусчут, саха тылын уонна төрүт культурата эйгэтигэр элбэх ыччаты үөрэппит педагог, уһуйааччы, ученай Р.Р. Жиркова, уонна культура колледжын директора З.Н. Никитин эҕэрдэлээтилэр.
Бу киэһэ төрүт культура салаатын иһинэн тэриллибит «Эйгэ» народнай студеннар сиэр-туом театрдарын иһинэн үлэлиир коллективтар «КыҥКыырай» төрүт инструменнар бөлөхтөрө (сал. Чулунов Э.А.), «Туйаарар», «Толомон» ырыа ансаамбыллара (сал. Винокуров М.Н., Лыткина Г.А., Харитонова С.В.), «Оргуй-чоргуй» чабырҕахсыттар бөлөхтөрө (сал. Боппоенова М.Г.), «Күрүлгэн» хомусчуттар бөлөхтөрө (сал. Винокуров М.Н.), ону таһынан араас сылларга бүтэрбит выпускниктар уонна «Өркөн» народнай үҥкүү ансаамбыла (сал. Павлова А.Г.) кыттыыны ыллылар. Манна Михаил Николаевич үгүс сыллар усталарыгар Саха сирин араас улуустарынан сылдьан сыныйан хомуйбут, чинчийбит фольклорнай айымньылара – алгыстар, ырыалар-тойуктар, оһуохайдар араастара күрөөччү дьүүлүгэр таҕыстылар. Кэнсиэр үрдүк таһымнаахтык ааста.
Төрүт культура салаатын устудьуоннара