Алампа «Таптал»
«Тапталы унэр танара оностума,
Умуллар эбээт онноогор
Улуу уус кыhатын уота… »
«Алампа таптала»
Савва Тарасов.
Дьокуускайдаагы култуура уонна искусство коллеhыгар дьоhун тэрээhин буолан ааста. Саха норуотун улуу поэта, драматурга, прозаига, литературнай критигэ, тылбаасчыта, общественнай деятелэ, Саха сиринээ5и Госкино комитетын маннайгы бэрэссэдээтэлэ Анемподист Иванович Софронов «Таптал» драматынан испэктээкили «Күн Өркөн» эдэр көлүөнэ тыйаатыра туруордулар. «Таптал» драманы Алампа Софронов суруйбута быйыл 100 сылын туолла! Испэктээкили туруорааччы – режиссер Саха Ороспуубулукэтин култууратын туйгуна, колледж директора Захар Николаевич Никитин, кыттааччылары бэлэмнээтэ куурус салайааччыта Окоемова Августина Михайловна, туттуллар тэриллэри, атрибутиканы бэлэмнээтэ Александров Александр Романович. Корооччулэр киhи уйул5атын ууйэ тутар таптал абыланнаах дьайыытыгар ыллаттаран, олус куустээх иэйиилээх тугэннэ ойдуун – санаалыын киирэн олорон – дуоhуйа кордулэр.
Испэктээкили туруоруу, кордоруу ситиhиитэ – корооччулэр биhирэбиллэрин ылыы.
Корооччулэр ис санааларын маннык тириэртилэр:
«Таптал» испэктээкили корон олус долгуйдум. Классическай айымньыны талан туруорбуттара хай5аллаах. Бэйэм урукку олоххо уктэнэн олордум уонна кыhыыбыттан иннэ киирэн куус-комо буолуохпун ба5ара олордум. Оннук итэ5эллээхтик оонньоотулар – о5олор! Уорэхтээх, сиппит- хоппут артыыстар курдуктар. Кэтириис оруолун оонньообут кыыс обраhын олус куускэ арыйда. Сандалы бу сырыыга олох атын харахпынан кордум – талааннаах о5о эбит. Талаана арыллан иhэриттэн олус уордум. Театр артыыhа буола уунуон ба5ардым. Ити кырдьа5ас о5онньору, эмээхсини оонньообут о5олор эдэр киhи оонньуу сылдьар диэн санаа5а олох а5албатылар. Хас биирдии обраhы арыйыыга режиссер олус куускэ улэлэспитин хайгыы олордум. Бука бары ситиhиилээх буолун, талаанныт арыллан истин, оссо да айа-тута турун».
«Студеннар наhаа маладьыастар! Корооччулэр сурэхтэрин долгуттулар. Мин ытаан ыллым… Махтал улэ5итигэр! Браво!».
Сахабыт сирин корооччулэригэр Алампа Софронов торообутэ 130 сылыгар анаан, студеннар айар болохторо бу испэктээкилинэн сотору кэминэн гастрольнай айанна турунуохтара.