«BaArt»: сүрэхтэнии уонна ситиһии
Кулун тутар 1-2 күннэригэр Үөһээ Бүлүүтээҕи П. Тобуруокап аатынан культура сынньалаҥ киинигэр «Чолбон» бөлөх салайааччыта, элбэх ырыа ааптара Намолий Ильин аатыгар «Уруһуйдаан ыллыаҕым» I өрөспүүбүлүкэтээҕи тыыннаах рок-музыка аһаҕас күрэҕэ буолан ааста. Дьүүллүүр сүбэ састаабыгар бэрэссэдээтэлинэн Саха Республикатын культуратын туйгуна, мелодист, «Чолбон» бөлөх гитариһа Ильин Григорий Васильевич, «Чолбон» бөлөх ырыаһыта, СР культуратын туйгуна Васильев Юрий Алексеевич, «Үргэл» бөлөх бас-гитариһа Миронов Борис Борисович, Үөһээ Бүлүүтээҕи Н.И. Бойлохов аатынан оҕо искусствотын оскуолатын салайааччыта Иванов Анатолий Валерьевич, Саха Республикатын айылҕа харыстабылын министиэристибэтин биологическай баайга-дуолга департаменын сүрүннүүр специалиһа, «Албан» фан-кулууп спортивнай комментатора Архипов Семен Николаевич, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ доцена, преподавателэ, «Табык» рок-фестиваль төрүттээччитэ Васильев Дмитрий Иванович, Олоҥхо театрын салайааччыта, РФ суруйааччыларын союһун чилиэнэ, СР искусствотын үтүөлээх деятелэ, Таатта улууһун бочуоттаах олохтооҕо, “-72” рок-бөлөх салайааччыта Власов Виталий Гаврильевич, Б.Манчаары аатынан Республикатааҕы Саха национальнай оонньууларын киинин специалиһэ, «Эллэйада» этнокультурнай түмсүү салайааччыта, рок-музыкант Ершов Михаил Михайлович уонна «Ураанхай» медиа-студия салайааччыта, кинигэ таһаарааччы, фильм-мейкер Ходулов Василий Дмитриевич киирдилэр.
Күрэх олус үрдүк таһымнаахтык ааста. Манна барыта 14 бөлөх, 34 кыттааччы, ол иһигэр 9 саҥа саҕалааччы бөлөхтөр, 5 оонньуур таһымнаах бөлөхтөр кыттыыны ыллылар. 21 ыҥырыыллаах ыалдьыт кытынна.
Бу күрэххэ биһиги үөрэхпит кыһатыттан быйыл саҥа тэриллибит “BaArt” бөлөх (салайааччы СР культуратын туйгуна Р.Г. Кысылбаиков) дьон-сэргэ сэҥээриитин ылан кэллэ. Бөлөх биьиги устудьуоннарбыт-ырыаһыт Егор Сотников, бас-гитарист – Стас Николаев, соло-гитарист-Эдуард Тапыев, ырыаһыт, гитарист – Андриан Фефелов, клавишник – Кирилл Васильев уонна ударнайга – Илья Бурнашев састааптаах I степеннээх дипломант буолан кэллэ. Кирилл Васильев дьүүллүүр сүбэ уурааҕынан «Бастыҥ клавишник» анал аат кыайыылааҕа буолла.
Күрэх түмүгүнэн бөлөх салайааччыта Р. Г. Кысылбаиков СР культураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтин махтал суругун тутта, оттон культура уонна искусство колледжын салайааччыта З.Н. Никитин Үөһээ-Бүлүү улууһун баһылыгын В.С. Поскачин махтал суругунан бэлиэтэннэ.
Саҥа сүрэхтэммит «BaArt» бөлөх кыттыылаахтарын, «Музыканан тыас-уус маастарыстыбата» салаатын үрдүк ситиһиилэринэн эҕэрдэлиибит!