Дьокуускайдаађы култуура коллеhын студеннара Аhымал тэрээhиннэ кыттан кэллилэр
Саха норуота үтүө итэђэлгэ, угэстэргэ ис хааныттан иитиллибит чэгиэн- чэбдик, сырдык өйдөөх-санаалаах дьонунан – уунэр эдэр ыччатынан эбилиннэђинэ эрэ инники өттугэр уоскуур, уунэр кэскиллээх. Бу өйдөбулу тустээн , Дьокуускайдаађы култуура уонна искусство коллеhын «Этнохудожественнай творчество» салаатын студеннара сиэр-туом, билимньи эйгэтигэр таhаарыылаахтык уhуйуллаллар. Маны таhынан араас өруттээх тэрээhиннэргэ көхтөөхтук кытталлар.
Ааспыт нэдиэлэђэ уhуйааччы Сардана Васильевна Харитонова салалтатынан иккис куурус студеннарын ађыс киhилээх айар бөлөђө Мэнэ-Ханалас улууhун Балыктаах нэhилиэгэр Аhымал кэнсиэргэ кыттан кэллилэр. Дьоhун суолталаах тэрээhиннэ колледж дириэктэрэ Захар Николаевич Никитин кыттарга этии киллэрбитин, о5олор өйөөннөр, ис дууhаларыттан долгуйан туран, ылыммыттар.
«Аhымал кэнсиэри нэhилиэк олохтоохторо тэрийбиттэрэ, онно биhиги кыттыыны ыллыбыт. Олохтоохтор наhаа учугэйдик көрустулэр. Саала иhигэр толору мустубут дьоннор нэhилиэктэрин икки кыракый олохтоохторун – Дмитрий уонна Римма Фадеевтар кыыстара Анджеланы, Артем уонна Саргылана Васильевтар кыыстара Ританы доруобуйаларын чөлугэр туhэрэргэ анаан, эмтэнэллэригэр харчы хомуйарга туруммуттара биhигини долгутта. Биhиги кэнсиэргэ то5ус нуөмэри биэрдибит. Бу киэпэ ыытыллыбыт Апымал тэрээпиннэ уопсайа 98 тыh. солкуобай киирбитин анардаан, 49 –туу тыh. солкуобайы о5олор эмтэнэллэригэр биэрдилэр»- диэтилэр, туруоруммут сыалларын сиппиттэриттэн, Айыы киhитигэр көмө онорбуттарыттан астыммыт студеннар.