Достоевскайтан – Достоевскайга
Бу дьыл сэтинньи 16 күнүттэн 23 күнүгэр диэри тѳрүт культура салаатын 4 кууруһун устудьуоннара Васильева А.Н. салайааччылаах Санкт-Петербург куоракка үѳрэхтээһин туурун чэрчитинэн сылдьан кэллибит. Биһигини, үѳрэхпит кыһатын бүтэрэн эрэр дьону, дойдубут культурнай киинэ буолбут Петербург куоракка салгыы үрдүк үѳрэххэ үѳрэнэ барар баҕа санаабыт тириэрдибитэ. Онон эрдэттэн былааннанан, кэпсэтии ыытан айаҥҥа туруммуппут. Түспүт гостиницабыт куорат киинигэр Достоевскай уулуссатыгар баар эбит. Ол иһин тиийиэхтээх сирдэрбитигэр үксүн сатыы сылдьан хата куорат туһунан үгүһү биллибит.
Бастакынан А.И. Герцен аатынан Российскай государственнай педагогическай университет Хотугу омуктар тылларын үѳрэтэр институтугар тиийдибит. Онно орок, үдэгэй, нанай, улчь, чукотка, долгаан, эбээн, эбэнки, вепс, ханты, манси, ненец, энец, нивсх, саам, ительмен, коряк, селькуп, юкагир, коми, нганасан, эскимос омуктар тылларын үѳрэтэллэрин сэргии, үѳрэ иһиттибит. Баай ис хоһоонноох музейдарын, методическай кабинеттарын сыныйан кѳрдүбүт. Интэриэһинэй профориентационнай лекция иһиттибит. Университет историческай кѳрүдүѳрдэринэн күүлэйдээтибит. Саха сириттэн үѳрэнэ сылдьар студеннары кѳрүстүбүт.
Россия культуратын үгүс үлэһиттэрин иитэн таһаарбыт Санк-Петербургтааҕы государственнай культура институтугар ыалдьыттаатыбыт. Олус кэрэ тутуулаах, баай историялаах, аарыма саастаах дыбарыаска дуоһуйа күүлэйдээтибит. Үѳрэххэ туттарсыан баҕалаах абитуриеннары кытта үлэҕэ эппиэтинэстээх институт улэһиттэрэ олус истиҥник кѳрүстүлэр. Үѳрэх кыһатын историятын кытта билиһиннэрдилэр, биһиги туттарсыыга сыһыаннаах үгүс боппуруостарбытыгар толору эппиэттээтилэр.
Ыра санаабытын толорон Е.А. Товстоногов аатынан Улахан драматическай театр Ф.М. Достоевскай «Игрок» романыгар олоҕурбут туруоруутугар сырыттыбыт. Талааннаах режиссер Р. Морхалиа туруоруутуттан, Россия народнай артыыската Светлана Крючкова чаҕылхай оонньуутуттан астынныбыт. Театр музейын кытта сиһилии билистибит.
Айаммыт биир умнуллубат түгэнинэн Россия этнографическай музейыгар сылдьыыбыт буолла. Манна саха сирин культуратын кѳрдѳрѳр экспозициялары олус уруургуу, астына кѳрдүбүт.
Айаммыт культурнай программатын чэрчитинэн аатырбыт үгүс музейдарга, кэрэ-бэлиэ сирдэргэ сылдьан үгүс саҥаны биллибит-кѳрдүбүт, дуоһуйа сынньанныбыт.
Үѳрэнэр сылларбыт, эдэр сааспыт доҕотторунаан олохпут биир кэрэ бэлиэ умнуллубат түгэнин бэлэхтээбит үѳрэхпит кыһатын директорыгар ытыктабыллаах Захар Николаевич Никитинҥэ, бары уһуйааччыларбытыгар уонна тапталлаах тѳрѳппүттэрбитигэр дириҥ махталбытын тириэрдэбит. Бу сырыыбыт талан ылбыт идэбитин баһалыырга, ѳй-санаа ѳттүнэн сайдыыбытыгар, киһи быһыытынан үрдүүрбүтүгэр улахан кылааты уурда.
Тѳрүт культуура салаатын 4 кууруһун устудьуоннара