Г.Г. Колесов 85 сааhыгар анаммыт научнай-практическай конференция Мэҥэ-Хаҥалас улууhун Аллараа Бэстээх бɵhүɵлэгэр
Муус устар 7 күнүгэр «Гаврил Колесов саха олоҥхотун тарҕатыыга уонна үйэтитиигэ кылаата» диэн Н.И. Степанов–Ноорой 120 сааhыгар, Г.Г. Колесов 85 сааhыгар анаммыт научнай-практическай конференция Мэҥэ-Хаҥалас улууhун Аллараа Бэстээх бɵhүɵлэгэр Транспортнай техникумугар буолан ааста. Конференцияны Мэҥэ-Хаҥалас муниципальнай оройуонун тэҥэ Саха сирин норуоттарын муусукатын уонна фольклорун түмэлэ, М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет, М.Н. Жирков аатынан Дьокуускайдааҕы музыкальнай колледж, «Олоҥхо Ассоциацията» общественнай тэрилтэ, Олоҥхо театра тэрийэн ыыттылар. Тɵрүт культура салаатыттан норуот тылынан уус-уран айымньытын муҥутуур чыпчаала олоҥхо билиҥҥи кэмҥэ сытыытык турар араас проблемаларыгар уhуйааччылар уонна устудьуоннар бэлэмнэнэн кэлбит дакылааттарын аахтылар, истээччи ыйытыктарыгар эппиэттээтилэр.
Бу салаа II курсун студеннара Лена Захарова «Уоттаах сэрии кыайбатах ɵлбɵт үɵстээх Олоҥхо» (Н.И. Степанов тɵрɵɵбүтэ 120 сылыгар анаан), Анисья Колесова «Олоҥхону үйэтитии дуолан боотура Г.Г. Колесов», Наталья Стручкова «Г.Г. Колесов олоҥхону кустук араас ɵнүнэн оонньоппута» диэн темаларынан кыттыыны ыллылар.
Эдэр уhуйааччы С.В. Харитонова ««Норуот тылынан уус-уран айымньыта» дисcипилиинэгэ С.С. Васильев–Борогонскай «Кун Эрили» олоҥхотун үɵрэтии», О.Е. Сундупова «Идэни баhылааhыҥҥа эпическэй айымньыны үɵрэтии суолтата («Эйгэ» народнай студенческай театр үлэтин нɵҥүɵ кɵрдɵрүү)» диэн темалары сырдатан үгүс сэҥээриини ыллылар.