Колледжка – иитиллибит ийэ тыл тэрээһинэ
Хас биир омукка саамай күндүттэн-күндүтэ, биир сүҥкэн баайынан тɵрɵɵбүт ийэ тыла буолар. Тɵрүт тыл диэн омук быһыытынан тыыннахпыт туоһута. Быйыл ЮНЕСКО быһаарыытынан 2019 сыл Аан дойду үрдүнэн аҕыйах ахсааннаах олохтоох норуоттар тылларын сылынан биллэриллибитэ. Ол курдук, олунньу 13 күнүгэр – төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүн төрүт культура салаатын иккис кууруһун устудьуоннара тэрийэн ыыппыппыт. Тэрээһиммитигэр быйыл үбүлүɵйдээх хоһоонньуттар айымньыларын аахпыппыт, тэрээһин үгэс быһыытынан алгыһынан арыллыбыта.
Тɵрүт тылы утумнаан, уран тылы баһылаан устудьуоннар олоҥхо түһүлгэтин олохтоотулар. Кирилл Никонович Никифоров «Хабытта Бэргэн» олоҥхотун уолаттар бɵлɵхтɵрɵ толордулар. Үөрүүлээх күммүтүгэр биһиги үөрэхпит кыһатыгар олохтоммут үгэһи салҕаан уһуйааччыларбыт «Поэзия кырдалыгар кɵрсүһүү» диэн бэйэлэрэ сɵбүлээн ааҕар хоһооннорун, барыта 19 уһуйааччы аахта.
Ырыа буолбут хоһооннортон «Толомон» уолаттар бɵлɵхтɵрɵ Семен Данилов тылларыгар, Грант Григорян музыкатыгар «Доҕоччугуом, тоҕо маннык» толорбуттара. Күннүк Уурастыырап тылларыгар, норуот матыыбыгар «Кɵлүкэчээн» ырыанан «Туйаарар» кыргыттар бɵлɵхтɵрɵ истээччи болҕомтотун тартылар.
Сыл ахсын ыытыллар «Хоһоон тыл хорооно, уран тыл уйата» литературнай күрэх түмүгүнэн барыта 54 үлэттэн Караваева Ангелина (ХТ 1) «Родное село» диэн ɵйтɵн суруйуута 3-с миэстэҕэ тигистэ. Голомарев Давид (СКД 3) «Айыы оҕолоро» үлэтинэн 2 миэстэни ылла. Охотин Владимир (СКД 3) «Дойду ааттаах, суол сурахтаах» дьүһүйүү үлэтинэн кыайыылааҕынан таҕыста.
Тэрээһин доҕордоһуу оһуохайынан түмүктэннэ.
Суруйда Тɵрүт культура салаатын 2 кууруһун устудьуона Волдемар Львов.