«Куйуур олонхото»
Кулун тутар 17-18 күннэригэр Мэнэ-Хаҥалас улууhун I Тыыллыма нэhилиэгин Лоомтука нэһилиэгэр 3-с тɵгүлүн “Куйуур олоҥхото” эдэр олоҥхону толорооччулар күрэхтэрэ буолан ааста. Күрэх сыала-соруга маннык ситимнээхтик турбута: саха омук тɵрүт культуратыгар олоҕурбут үгэс эргиирин тутуhан сааскы куйуур кэмин олоҥхотун сɵргүтүү; үүнэр сүhүɵх ыччакка олоҥхо тыынын, ɵйүн-санаатын, тылын-ɵhүн, ырыатын-тойугун, тɵрүт үгэhин иҥэрии, билиhиннэрии буолар. Манна барыта 25 эдэр олоҥхону толорооччу дьон кытыннылар: кинилэр Хотугулуу илиҥҥи федеральнай университетын, Арктикатааҕы культура уонна искусство институтун, Саха сиринээҕи культура уонна искусство колледжын студеннара буолаллар, маны таhынан Мэҥэ-Хаҥалас улууhун эдэр, кэскиллээх толорооччулара кыттыыны ыллылар.
Биhиги үɵрэхпит кыhатын тɵрүт культура салаатын I, II-с курстарын студеннара кыттан ситиhиилэнэн кэллилэр. Ол курдук, 1-кы курс студена Петр Филиппов Сергей Васильев-Борогонскай “Yс күлүктээх Мɵҕүрүүр Бɵҕɵ” олоҥхону толорон “Кэскиллээх олоҥхоhут” аатынан сыаналанна. Наталья Стручкова (2-с курс) Тимофей Васильевич Захаров-Чээбий “Алаҥхаҕа тɵрɵɵбүт айаас ала аттаах Ала Булкун Бухатыыр” олоҥхонон “Хомо5ой тыллаах олоҥхоhут” ааты сүктэ. Александра Васильева (2-с курс) С. Васильев-Борогонскай “Икки күлүктээх эмньик кулун аттаах Эрчимэн Бэргэн” олоҥхоттон быhа тардыыны толорон “Кылыhах ырыалаах, добун тойуктаах олоҥхоhут” анал аатынан бэлиэтэннэ. Виолетта Попова (2-с курс) Т.В. Захаров-Чээбий “Ала Булкун бухатыыр” олоҥхото быhа тардыыны толорон “Биhирэбил бэлиэ” суругунан наҕараадаланан илии тутуурдаах, ɵттук харалаах ситиhии кынаттаах кэллилэр.
Маннык күрэхтэр тɵрүт культура салаатыгар үɵрэнэр студеннарга бэйэлэрин сатабылларын кɵрдɵрɵр, айар-тутар кыахтарын арыйар кыаҕы биэрэллэр, инникигэ кынаттыыр күүстээх тирэх буолаллар.