Л.Н. Турнин аатынан хомус күрэҕэ
Бу дьыл сэтинньи ый 28 күнүгэр Аан дойдутааҕы хомус киинигэр биллиилээх хомусчут, норуот ырыаһыта, саха талба талааннааҕа Л.Н. Турнин бирииһигэр эдэр хомусчуттар күрэхтэрэ буолан ааста. Бу күрэх быйыл бэһис сылын ыытылынна. Эдэр хомусчуттар күрэхтэрин чуолаан Таатта улууһун дьаһалтатын культураҕа салалтата, Кыйы нэһилиэгин музея, Турниннар дьиэ кэргэннэрэ уонна Хомус Киинэ тэрийэн ыыттылар.
Күрэххэ Дьокуускай куорат араас үɵрэҕин тэрилтэлэриттэн уопсайа 13 оҕо, ол иһиттэн биһиги колледжпытыттан алта оҕо – III-с курс студеннара Семенов Уйгу, Колесова Анисия, Слепцова Алена, II-с курс студена Кузьмина Күннэй, I курс студеннара Владимирова Ньургуяна, Рязанская Маша кыттыыны ыллылар. Күрэх үс түһүмэҕинэн үрдүк тэрээһиннээхтик ааста. Күрэх түмүгүнэн кыайыылааҕынан М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи Федеральнай университеттан Арыйаана Михайлова буолла.
Маннык араас хайысхалаах күрэхтэргэ кыттар студеннар элбэххэ үɵрэнэллэр: билиилэрэ кэҥиир, сатабыл иҥэр.
Күрэх тэрийээччилэригэр, кыттыылаахтарыгар үрдүк ситиһиилэри, дьолу-соргуну баҕарабыт!
Тɵрүт культура салаата