Дьүһүйүү.

Үтүɵ күнүнэн! Бэйэм туспунан кэпсиир буоллахпына, мин аатым Владимирова Нюргуяна. Култуура коллеһыгар үɵрэммитим номнуо 3-с сылым буолла. Санаатахпына, бэҕэһээ эрэ абитуриенныы сылдьар курдукпун, онтум баара бириэмэ түргэнник да ааһар эбит. Бэйэм кыра эрдэхпиттэн саха фольклорунан дьарыктанар этим, арааһынай күрэхтэргэ кыттан бириистээх миэстэлэргэ тиксээччибин. Аан маӊнай колледжка үɵрэнэрбэр кыра ыараханы кɵрсүбүтүм, сорох сахалыы тыллары олох ɵйдɵɵбɵт этим. Сотору кэминэн уһуйааччыларым кɵмɵтүнэн барытын ɵйдүүр, саӊарар буолбутум. Миэхэ улахан билиини биэрбит киһинэн биһиги маастарбыт Михил Николаевич Винокуров буолар. Киниттэн билбиппитин-кɵрбүппүтун олохпут устата туһана сылдьыахпыт диэн бигэ эрэллээхпин. Култуура коллеһыгар үɵрэнэ киирбиппиттэн олох кэмсиммэппин, сɵпкɵ талбыт идэбинэн киэн туттабын. Маннык интэриэһинэй үɵрэххэ үɵрэнэн мин олохпор сырдык күн тыкта.

                                                              * * *

Мин аатым Осипова Марфа Үɵһээ Бүлүү улууһун Хоро нэһилиэгиттэн сылдьабын, бэйэм туспунан кыратык сырдатан ааһыым. Хоро орто оскуолатын 11 кылааһын бүтэрэн баран бу үɵрэх кыһатыгар туттарсарга эрдэттэн баҕа санаалаах буоламмын үɵрэнэ сылдьабын. Бу мин улахан сыалым-соругум этэ. Оҕо эрдэхпиттэн саха норуота биир бастыҥ үнкүүтүн оһуохайы сэттис кылаастан баһылаан дьарыктанан саҕалаабытым. Миигин онно ииппит-үɵрэппит уһуйааччым Бабранова Евдокия Николаевна буолар, киниэхэ махталым муҥура суох улахан, олохпор суолбун ыйан биэрбитэ диэтэхпинэ сыыспатым буолуо. Кыра эрдэхтэн аҕа саастаах дьон этэрин-тыынарын, сүбэлэрин истэн, ылынан, оһуохайга ылларан бу билигин даҕаны этэ-тыына сылдьабын. Уһуйааччыларбар Евдокия Николаевнаҕа, Егорова Татьяна Николаевнаҕа, Мойтохонова Айталина Михайловнаҕа күүс-кɵмɵ буолан оһуохай кэрэ эйгэтигэр сыһыарбыттарыгар улаханнык диэн махтанабын. Бу саамай сɵбүлээн, сүрэҕим сытар идэтин баһылаан үɵрэнэ сылдьарбыттан чугас дьоммор, тɵрɵпүттэрбэр махталым муҥура суох.

«Култуура коллеһыгар туох сыаллаах-соруктаах киирбиккиний?»-диэн ыйыттахтарына, мин киэн тутта этэбин, Үɵһээ Бүлүү оһуохайын түмсүүтүн салайааччыта Федотов Дмитрий Яковлевич сүбэтинэн, бэйэм баҕа санаабынан туттарсарга санаммытым. «Эн Үɵһээ Бүлүү аатын ааттатыан этэ…», -диэн салайаачым тиһэх этиитэ күүспэр күүс буолбута.

Култуура коллеһыгар тɵрүт култуура салаатыгар киирэн номнуо 3-с куурус буоллум. Бу үɵрэххэ киирбиппиттэн отойун кэмсиммэппин. Кураторбыт Мыреева Василисса Вячеславовна буолар,  кини оҕолорго олус эйэҕэс сыһыанннаах,  сүрдээх талааннаах тарбахха баттанар олоҥхоһут диэтэхпинэ сыыспатым буолуо. Маастарбыт, холобур оностор киһибит – Винокуров Михаил Николаевич, норуокка биллэр алгысчыт, хомусчут, оһуохайдьыт буолар. Биһиги үɵрэхпитигэр аҥардас фольклорунан эрэ муҥурдаммаппыт, тус олоххо туһалааҕы олус элбэҕи биллибит-кɵрдубут, сахабыт култууратын чиҥэтэн үɵрэтэрбититтэн олус астынабыт. Үɵрхпит кыһатыгар киириэхпиттэн элбэх биллэр-кɵстɵр артыыстары кытта үлэлэһэн, кэпсэтэн, элбэх интэриэһинэй испиктээкиллэринэн сырыттыбыт. Манна хас биирдии, саха тɵрүт култууратын үɵрэтиэн, билиитин чиҥэтиэн баҕалаах оҕо олус элбэххэ кэрэҕэ, сырдыкка тардыһар сирэ, мин аҥардас манна үɵрэнэрбиттэн дьоллоохпун. Бииргэ үɵрэнэр оҕолорум олус талааннаах, туохтан да толлон турбакка сыанаҕа ойон тахсан ыллаан-туойан барыахтарын сɵп. Үɵрэхпит кыһатыттан тɵрɵɵбүт култуурабытын ытыктыыр, чиҥэтэр, тарҕатар исписэлиистэр үɵрэнэн-иитиллэн тахсыахпыт диэн эрэнэбин. Тɵрүт култуурабытын сүрэхпит сылааһыгар илдьэ сылдьан Күн ɵркен оҕолоро ɵрүүтүн инники сылдьыахпыт.

                                                             ***

Мин аатым-суолум Поскачина Алина, сүүрүгүрэ турар Бүлүү эбэттэн Тааһаҕар нэһилиэгиттэн сылдьабын. Билигин мин тɵрут култуура салаатын 3 кууруһун устудьуонабын. Талбыт үɵрэхпит биһиэхэ улахан сайдыыны биэрэр, үлэһит киһи буолан дьоҥҥо-сэргэҕэ тɵрɵɵбүт тɵрүт култуурабытын тарҕатар, үɵрэтэр аналлаахпыт. Култуура диэн тугуй? Мин санаабар хас биирдии омук бэйэтэ туспа тыллаах-ɵстɵɵх, туттуулаах-хаптыылаах, танаһа-саба ураты буолар, олоҕо-дьаһаҕа, ырыалара-үҥкүүлэрэ атын буолар. Биһиги ол уратыбыт сүппэтин туһугар үлэлиибит-хамсыыбыт. Ол биһиги сорукпут буолар.

Үɵрэнэр кыһабыт туһунан сырдаттахха, манна устудьуон дьон олохпут олус интэриэһинэй, ураты толору,  күн аайы саҥаттан сана ырыа–тойук, үҥкүү-битии, дьону-сэргэни кытары алтыһыы. Устудьуон олоҕо олус тэтимнээх: нэдиэлэ ахсын араас тэрээһиннэргэ кыттабыт, Россия, Аан дойду таһымнаах да тэрээһиннэр бааллар, гастроллар, күрэхтэр, бириэмэбит биллибэккэ ааһар диэтэхпинэ сыыспатым буолуо.

***

Мин Маша Рязанская тɵрүт култуура салаатын уһус кууруһун устудьуона буолабын. Үс сыл устата элбэх билиини-кɵрүүнү ыллым. Бу үɵрэххэ киириэхпин оҕо эрдэхпиттэн баҕалаах буоламмын талбыт хайысхабынан үɵрэнэрбин наһаа сɵбүлүүбүн. Бэйэлээх-бэйэбит тɵрүт култуурабытын чиҥэтэн үɵрэтэрбититтэн астынабын. Ордук чорботон хомуска оонньуурбун ордоробун. Хомуһунан дьарыктаммытым номнуо 13 сыл буолла. Хомус тыаһа дууһабын уоскутар да долгутар да. Бэйэбэр сɵрү-сɵптɵɵх идэни талбыппыттан астынабын. Мин бу үɵрэххэ киириэхпиттэн элбэх сири-дойдуну кэрийдим, арааһы биллим-ылынным.

***

Мин аатым Дмитриев Айал диэн. Дойдубар музыкальнай оскуолаҕа үɵрэнэн, саха култууратын сɵбүлээн, ылынан, салгыы үɵрэтэргэ, дириҥэтэргэ сананан Дьокуускайдааҕы култуура уонна искусство коллеһыгар тɵрүт култуура салаатыгар туттарсыбытым. Абитуриенныы сылдьан уопсай сүбэ быһаарыытынан үɵрэххэ ким киирбитэ-киирбэтэҕэ тахсыбыт испииһэгэр бэйэм ааппын кɵрɵммүн олус үɵрбүтүм. Биһиги үɵрэхпит олус  айымньылаах, элбэх гастролларга сылдьабыт, араас таһымнаах тэрээһиннэргэ кыттабыт, «Тыгын Дархан» киинэҕэ үлэлэспиппит, былырыын бэйэбит «Күɵрэгэй» диэн спектаклы туруорбуппут. Уһуйааччыларым Винокуров Михаил Николаевич, Саха сиригэр биллэр-кɵстɵр тойуксут, алгысчыт, оһуохайдьыт, хомусчут, Мыреева Василисса Вячеславовна тарбахха баттанар олоҥхоһут быһыытынан биллэр.

Үɵрэммит икки сылым олох биллибэккэ ааста, талан ылбыт үɵрэхпэр устудьуон олоҕун толору билэ сылдьарбыттан олуһун диэн үɵрэбин.