Олоҥхо уонна хомус күнэ Культура уонна искусство колледжыгар
Бу күннэргэ биһиги республикабытыгар олоҥхо декадата ыытылла турар уонна, ону тэҥэ, сэтинньи 30 чыыһылата хомус күнүнэн биллэр. Ол курдук биһиги колледжпыт «Тɵрүт култуура» салаата бу дьыл сэтинньи 30 күнүгэр «Өбүгэ үгэһин ситимнээн» диэн олоҥхо уонна хомус күнүгэр аналлаах тэрээһини ыытта.
Бу олоҥхо уонна хомус күнүгэр Петр Филиппов «Ньургун Боотур», Нюргуяна Владимирова «Хаҥалас Боотур», Мария Давыдова «Тойон Дьаҕарыма» олоҥхолортон быһа тардан биирдиилэн аахтылар. Ону тэҥэ «Тɵрүт култуура» салаатын II-с куурсун уолаттара, Кирилл Никонович Никифоров – Лɵкɵчɵɵн, «Хабыр киирсиилээх Хабытта Бэргэн» олоҥхотуттан быһа тардан толордулар. «Тɵрүт култуура» салаатын 3-с курс устудьуоннара «Олоҥхо уобарастара» диэн дьүьүйүү туруоран кɵрдɵрдүлэр.
Тэрээһиммит ыалдьытынан «Арчы дьиэтин» фольклорга исписэлииһэ, биһиги салаабыт выпускнига Айталыын Винокуров кэлэн олоҥхолоон киэргэттэ. Айталыын ырыатын-тойугун, олоҥхотун истэн сүргэбит кɵтɵҕүлүннэ.
Олоҥхо – киһи-аймах чулуу айымньыта, хомус – саха омук кутун туппут музыкальнай инструмена. Саха улуу олоҥхото, этигэн хомуһа сүппэккэ-симэлийбэккэ кɵлүɵнэттэн-кɵлүɵнэҕэ бэриллэн истин!