Олонхо Декадатын аьыллыытыгар аналлаах быыстапка туьунан…
Бу сыл сэтинньи 25 кунугэр Саха гос. Циркэтин дьиэтигэр, Олонхо декадатын чэрчитинэн 10 сыллаах олонхо бырайыагын отчуоттуур быыстапката буолан ааста. Республика араас муннуктарыттан ыраах Сунтаар, Булуу, Ньурба, Горнай, Таатта, Чурапчы, Мэнэ – Ханалас улуустарыттан кэлэн кохтоохтук кытыннылар. Орто анал уорэхтэр икки ардыларыгар опыт атастаьыы курдук кодьуустээх буолла.
Быыстапказа торут культура салаатын уьуйааччыларын олонхону уорэтиигэ анал программаларын, пособиеларын, методическай комолору, студеннар курсовой, дипломнай улэлэрин, ситиьиилэрин ону таьынан ийэ олонхоьут, Петр Решетников «Куонэ ко5оччор аттаах Кун Кундулу бухатыыр» олонхотугар спектаклы (реж. М.Г. Боппоенова), «Аал Луук» программа5а уьуллубут видеоматырыйааллары, Олонхо тугэннэриттэн хаартыскалары кордордубут.
Биирдиилээн уонна боло5унэн олонхону толорооччулар дьон – сэргэ биьирэбилин ылыахтарын ыллылар. 1 курс студентката, Стручкова Наташа, быйыл Булуу улууьун, Окунду нэьилиэгэр ыытыллыбыт Мунха олонхотун кыайыылаа5а, гос. хранилище фондатыгар олонхолоон иьитиннэрдэ.
Инникитин да5аны суду баай кылааппыт, Олонхобут, сайда турарын туьугар дьаныардаахтык улэлиэхпит!