Семен Данилов 100 сааhын көрсө I-кы республикатааҕы ааҕыыга уонна ырыа күөн күрэҕэр колледж кыттыыны ылла
Кулун тутар 25-26 күннэригэр А.Е. Кулаковскай аатынан Культура киинигэр Саха сирин народнай поэта Семен Данилов 100 сааhын көрсө I-кы республикатааҕы ааҕыы уонна ырыа күөн күрэһэ буолан ааста.
Ааҕыы күрэһин самодеятельнай уонна профессиональнай ааҕааччылар диэн икки бөлөххө арааран дьүүллээтилэр. Дьүүллүүр сүбэҕэ С.В. Гольдерова – Саргы Куо, З.П. Багынанова, М.Н. Данилова, Е.В. Слепцова – Куорсуннаах үлэлээтилэр.
Саха сиринээҕи культура уонна искусство колледжын төрүт культура салаатын I – кы курсун студеннара бу күрэххэ «Эйгэ» народнай студенческай театр (сал. Боппоенова М.Г., Лыткина Г.А.) аатыттан профессионаллар бөлөхтөрүгэр кытыннылар. Бөлөҕүнэн Семен Данилов айымньыларынан «Дьолун булбут мин дойдум», «Эр киһи ыралаах ырыата» уонна «Дьылҕам хаартан төрүттээх» композицияларынан, биирдиилээн толорууга Виктория Домнина «Өбүгэ өһө», Анатолий Свинобоев «Дойдум дьоно» хоһооннорунан кытыннылар.
Икки күннээх тыҥааһыннаах күрэс түмүгүнэн «Дылҕам хаартан төрүттээх» композиция Гран-при үрдүк аатын ылан Горнай улууһун МО аатыттан 20.000 тыһыынчалаах уу харчынан наҕараадаланна. Маны таһынан, биирдиилээн ааҕааччыларга Анатолий Свинобоев II степеннээх, Виктория Домнина III степеннээх дипломнарынан, «Дьолун булбут мин дойдум» композиция «Хоһоону чаҕылхайдык күргүөмүнэн ааҕыы» анал аакка тигистилэр.
Оҕолор Семен Данилов айымньыларын нөҥүө үрдүк поэзияны кытта билистилэр, биир айымньы төһөлөөх элбэҕи этэрин, айымньы нөңүө төһөлөөх элбэҕи киһи бэйэтигэр иҥэринэрин эттэринэн-хааннарынан биллилэр. Онон бу маннык түһүлгэлэр ыччаты иитиигэ улахан төһүү күүс буолаллар, саха оҕото норуотун тылынан санаатын сайа этинэ үөрэнэригэр, бэйэтин норуотунан, дойдутунан киэн тутта үүнэригэр муҥура суох кылааты киллэрэллэр.