Сир иччитэ
Дьокуускайдааҕы культура уонна искусство тɵрүт култуура салаатын 1 кууруһун устудьуоннара Былатыан Ойуунускай аатынан Саха театрыгар эбээн суруйааччытын Платон Ламутскай романынан «Сир иччитэ» испэктээкилигэр сылдьаммыт олуһун диэн астынныбыт-дуоһуйдубут. Туруорааччы Руслан Тараховскай сүрдээх талааннаах кыһамньылаах, сүдү ураты кɵрүүлээх режиссер эбит.
Биһиги санаабытыгар театр диэн улахан ɵйдɵбүллээх, киһини олоххо үɵрэтэр-такайар санаалаах, биир тыыҥҥа түмэр ураты күүстээх.
Платон Ламутскай романынан «Сир иччитэ» – ийэ айылҕа итэҕэлин кэһии, иҥсэ туох да үчүгэйгэ тиэрдибэтин, киһини олоххо үɵрэтэр дириҥ ис хоһоонноох үрдүк таһымнаах испэктээкил. Артыыстарбыт олус диэн үчүгэйдик оонньоотулар. Олортон саамай чаҕылхайдара Геннадий Турантаев – эбээн ымсыы киһиргэс киһи оруолун толордо. Биһиги бу бастакы испэктээкилбит олуһун диэн умнуллубаттык, ɵйбүтүгэр хатанардыы ааста. Бу кэннэ биһиги ɵссɵ даҕаны бу курдук тэҥҥэ биир тыынынан театрдарга сылдьарбытыгар тыыммыт ɵссɵ ɵрɵ кɵтɵҕүлүннэ. Махтаныахпыт этэ бу испэктээкили туруорбут режиссерга Руслан Тараховскайга.
Биһиги Саха театрын артыыстарын курдук улахан сыанаҕа артыыс үрдүк чиэһин ылынаммыт оонньуохпутун баҕардыбыт.