Төрүт культура салаатын 25 сыллаах үбүлүөйэ
Бу сыл ахсынньы 12 күнүгэр Саха сиринээ5и культура уонна искусство колледжын төрүт культура салаата 25 сыллаах үбүлүөйүн өрө көтө5үүлээхтик бэлиэтээтэ. Үбүлүөй чэрчитинэн «Төрүт культура билиңңитэ уонна сайдар тосхоллоро» диэн төгүрүк остуол тула аhађас сэhэргэhии буолан ааста. Кэпсэтиигэ салаа төрүттээччитэ СР үтүөлээх артыыhа, Россия культуратын үтүөлээх үлэhитэ, СР үөрэђэриитин туйгуна Афанасий Семенович Федоров, салаа маңнайгы уhуйааччыларыттан биирдэстэрэ Ил Дархан уонна Правительство Государственнай акталарын оңорор управление салайааччыта, филологическай наука кандидата Римма Романовна Жиркова, «Үс Хатың» комплекс директора Вильям Федорович Яковлев, Гуманитарнай наукалары чинчийэр институт этнография салаатын старшай сотруднига, историческай наука кандидата Валерий Егорович Васильев, салаа уhуйааччылара, выпускниктара, улуустар культурађа управлениеларын начальниктара кыттыыны ыллылар.
Төрүт культура инники кэскилин туhунан кэпсэтиигэ кыттааччылар ыhыах ыытыллыытыгар, сиэр-туом тарђаныытыгар, күн-дьыл халандаара аађыллыытыгар кэккэ проблемалар туралларын ыйдылар. Саха сиригэр фольклорнай хамсааhыны тэрийиигэ үлэ ыытыллыахтаађын, оскуол саастаах ођолорго профориентационнай үлэ күүскэ ыытылларыгар конкурс барыла оңоһуллуохтаађын бэлиэтээн эттилэр.
Төгүрүк остуол түмүгүнэн республикатаађы айар үлэhиттэр союзтарын иhинэн фольклорнай хамсааhын үлэтин тэрийиигэ колледж директора З.Н. Никитин тыл киллэрдэ.
Саха театрыгар ыытыллыбыт «Сайдар са5ах кэрэриттэрэ» концерга кыттыыны ыллылар салаа араас кэмнэргэ үлэлээбит уhуйааччылара Афанасий Федоров, алгысчыт Иван Васильев, уhуйааччылар уонна уhуйуллааччылар, выпускниктар. Манна өр кэмнээх килбиэннээх үлэлэрин иhин колледж үрүң көмүс знагынан бэлиэтэннилэр А.Д. Макарова, Саха Республикатын культуратын үтүөлээх үлэhитэ, колледж 1992-2012 сс. директора, А.С. Федоров, салаа төрүттээччитэ, Л.И. Докторова, салаа 1992-2014 сс. методическай кабинетын сэбиэдиссэйэ, И.Г. Васильев, салаа 1990-2000 сс. уhуйааччыта, Р.Р. Жиркова, филологическай наука кандидата, салаа 1992-1995 сс. уhуйааччыта бэлиэтэннилэр. Билигин үлэлии сылдьар уhуйааччылар бэлиэтэннилэр: М.Г. Боппоенова СР Үөрэхтээhинин систематын Бочуоттаах ветеранын знагынан уонна Профессиональнай үөрэхтээhин уонна кадрынан хааччыйыы министерствотын Почетнай Грамотатынан, Р.А. Габышев СР культурађа уонна духуобунай сайдыыга министерствотын уонна СР Үөрэђириитин Министерствотын Почетнай Грамотатынан, А.Н. Васильева СР Профсоюзтарын Федерациятын Почетнай грамотатынан, республиканскай культура үлэhиттэрин профсоюзтарын комитетын грамотатынан, СР профессиональнай үөрэхтээhин уонна кадрынан хааччыйыы министерствотын Бочуотунай грамотатынан, Винокуров М.Н. СР «Норуот уус-уран айымньытын сайыннарыыга кылаатын иһин» бочуотунай знагынан, Сундупова О.Е. СР «Норуот уус-уран айымньытын сайыннарыыга кылаатын иһин» бочуотунай знагынан, Сергучев Г.Г. Профессиональнай үөрэхтээhин уонна кадрынан хааччыйыы министерствотын Почетнай, СР культурађа уонна духуобунай сайдыыга министерствотын Почетнай Грамоталарынан, Лыткина Г.А. Профессиональнай үөрэхтээhин уонна кадрынан хааччыйыы министерствотын Бочуотунай грамотатынан нађараадаланнылар.