Таҥха кэмэ саҕаланна
Сахаларга күн-дьыл эргииригэр араас сиэр-туом ыытыллар, элбэх үгэс тутуhуллар. Төгүрүк дьыллара хайдах буоларын айылҕа араас көстүүлэриттэн, кыыл, көтөр майгытыттан-сигилититтэн уо.д.а. билгэлииллэрэ. Билгэлээhиңңэ биир улахан сүрүн миэстэни Таңха кэмэ ылар. Саха итэҕэлинэн тохсунньу ыйга айылҕа иhийэн, чуумпуран, сир-халлаан силбэhэн турар кэмигэр билгэлэнии ордук табыгастаах кэминэн ааҕыллар.
Таңха оонньууларын туhунан А.Е. Кулаковскай «Научные труды» үлэтигэр суруйбута биллэр. Билиңңи кэмңэ таңха туhунан А.И. Гоголев, Д.С. Макаров, Л.А. Афанасьев-Тэрис, А.Н. Павлов-Дабыл о.д.а. үлэлэригэр сиhилии билсиэххэ сөп.
Төрүт культура салаатыгар үөрэх программатынан таңха туhунан сүрүн өйдөбүллэри устудьуоннар сүрүн дисциплинэлэргэ үөрэтэллэр, үөрэх практикатыгар Таңха оонньууларын тэрийэн ыыталлар. Ол курдук «күлүк көрүү», «хоргун кутуу», «бүргэс сүүрдүү», «этэрбэс хаамтарыы», «түөрэх быраҕыы», «кинигэнэн билгэлэнии» уо.д.а. оонньуулар ыытыллаллар.
Быйыл эмиэ үгэс курдук тохсунньу 18 күнүгэр Төрүт культура салаатын устудьуоннара Таңха оонньууларын ыытыахтара.