Таайтарыылаах Таҥха киэһэтэ
Тохсунньу 18 күнүгэр «Тɵрүт культура» салаатын иккис куурсун студеннара колледжпытыгар «Таайтарыылаах Таҥха киэһэтэ» диэн тэрээһини ыыттыбыт. Таҥха диэн адьас былыргы ɵйдɵбүл буолар. Тоһуттар томороон тымныылаах тохсунньу ый сахаларга урут уруккуттан туох эрэ дьикти, ураты, таайтарыылаах кэминэн буолар. Онон бу ыйы «Таҥха ыйа, дьыл оройо» дииллэр эбит. Дьэ онон тохсунньуга сахалар таҥха иһиллииллэрэ, бит-билгэ билгэлэннэллэрэ. Бу кэмҥэ араас Таҥха оонньуутун оонньууллара, ол курдук сылгылар кэпсэтиилэрин иһиллииллэрэ, этэрбэс хаамтараллара, суоруна тардаллара, былыргы ɵтɵххɵ, ойбоҥҥо олорон иһиллииллэрэ уо.д.а.
Саха норуотугар Таҥха туһунан араас элбэх үһүйээннэр бааллар. Ол курдук биир киэҥник тарҕаммыт үһүйээнинэн «Былыргы ɵтɵххɵ иһиллээһин» туһунан үһүйээн буолар. Бу үһүйээҥҥэ олоҕуран «Таҥха кэмэ» диэн Андросова Дайаана режиссура предметигэр туруорбут инсценировкатын кɵрдɵрдүбүт. Сүрүн оруолларга Барамыгин Владислав, Атласов Даниил, Максимова Маша, Дмитриев Айаал, Петрова Сайаана, Львов Волдемар оонньообуттара. Маны тэнэ араас сахалыы оонньуулар ыытыллыбыттара.
Тэрээһиммит биир күүтүүлээх түгэнинэн таҥха оонньуулара, билгэлэрэ буолбута. Ол курдук «Кинигэннэн таайыы», «Бүргэс сүүрдүүтэ», «Иҥнэннэн таайыы», «Күлүк кɵрүүтэ», «Хоргун кутуу», «Түɵрэх быраҕыы» билгэлэр, оонньуулар олус кɵдьүүстээхтик ыытыллыбыттара. Билгэлэммит, сэрэбиэйдэммит оҕолор бүтэһиккэ анал хоско киирэн уотунан, буруонан, дэйбииринэн ыраастаммыттара, күүс-уох ылыммыттара.
Тэрээһиммит үрдүк таһымнаахтык ааста. Бары студеннар кɵхтɵɵхтүк кытыннылар. Билиҥҥи кэмҥэ саха үгэстэрин дьон-сэргэ билиэхтээх, салгыы бэриллэн иһиэхтээх диэн киэҥ ɵйдɵбүлү тарҕатыаҕыҥ.
Тɵрүт культура салаатын 2 курсун устудьуона Готовцева Фая