ТЕАТР КҮНЭ
Бүгүн, ахсынньы 13 күнүгэр Россия үрдүнэн Театр сылын арыйар тэрээһин чэрчитинэн, «Театр уонна Ойуунускай» диэн литературнай композицияны тɵрүт култуура салаатын 3 курсун устудьуоннара тэрийэн ыыттылар. Платон Алексеевич Слепцов – Ойуунускай дьиҥ норуот тыынын илдьэ сылдьар айымньылары норуотугар хаалларбыта күн бүгүҥҥэ диэри тыыннаахтар, саха историятын, айылҕатын, олоҕу анаарыытын туһунан элбэҕи кэпсииллэр, элбэххэ үɵрэтэллэр. Ол курдук «Улуу Кудаҥса» айымньытыттан быһа тардан аахта Виктория Домнина, «Түɵһэйбит оҕонньор» диэн хоһоонун иһитиннэрдэ Анатолий Свинобоев.
П. А. Ойуунускай революцияны, сана олоҕу туойбут поэтынан ордук биллэр. Ону кэккэ кини сырдык иэйиини, тапталы ымыы оҥостон, хоһоонноругар холбоон, кэпсээннэригэр тиһэн, дьиҥ чахчы сүргэни кɵтɵҕɵр, сүрэҕи долгутар айымньылары хаалларбыта. Тɵрɵɵбүт алааска, ийэҕэ, кэргэҥҥэ, оҕоҕо таптала тɵрɵɵбүт норуота сайдарын, үүнэрин туһугар күннээҕи мɵккүɵрүгэр, олоххо дьулууругар күүс-күдэх биэрэрэ, кɵмɵ-тирэх буолара. Киһи сүрэҕин долгутар «Таатта үрэх үрдүгэр» уонна «Кэтэһии» диэн ырыа буолбут хоһооннорун «Туйаарар» кыргыттар ансаамбыллара толордулар. Василий Васильев «Аҕа алгыһа», Сардаана Максимова уонна Ваня Алексеев «Татыйык ыллыыра», Петр Филиппов «Ийэм Дьэбдьэкиэй уҥуоҕар» диэн хоһооннорун толордулар.
1955 сыл ахсынньы 15 күнүгэр П. А. Ойуунускай буруйа суоҕа дакаастанан сырдык аата тɵннɵрүллүбүтүн туһунан уураах тахсыбыта. Ойуунускай аата норуотугар тɵннүбүтэ.