Четверть века в одном училище…

О Якутском культурно-просветительском училище у меня остались самые теплые воспоминания, как о кузнице специалистов культуры и искусства, преданных своей  профессии, однажды избранной в жизни…

В 1966 году по окончании дирижерско-хорового отделения класса преподавателя Елизаветы Иосифовны Гвахария Якутского музыкального училища по направлению  Министерства культуры ЯАССР пришла работать в Якутское республиканское культурно- просветительское училище преподавателем специальных дисциплин и проработала до 1991 года. Когда в первый раз пришла в училище, директором был Егор Николаевич Новгородов, а завучем – Галина Прокопьевна Винокурова.

Так незаметно пролетели двадцать пять лет в круговерти суетливых хлопотливых, но очень интересных будней.

Дружный коллектив училища готовил специалистов для сельских домов культуры. Работа была ответственная, за короткий срок (4 года) надо было подготовить специалистов, основной задачей которых была организация  в сельских клубах хоровых, танцевальных коллективов, обязаны были организовать культурный досуг жителей села, проводить культурно-просветительные мероприятия в селах, тем самым вносить большой вклад в духовно-нравственное, патриотическое воспитание граждан, особенно молодежи.

За все годы работы в училище мы всегда ощущали внимание и заботу со стороны Г.П. Винокуровой. Она была для всех нас наставником и помощником: строго требовала выполнения трудовой дисциплины, заполнения учебной документации, творческого подхода к педагогической деятельности. В то же время, когда было необходимо, оказывала материнскую заботу.

Хочется отметить, что дирижерско-хоровое отделение по сравнению с другими отделениями было самое  большое: к моему приходу в училище уже работали выпускники дирижерско-хорового отделения Якутского музыкального училища В.Н. Антонова, К.П. Жукова, Н.А. Зайцева,  И.М. Томская, И.П. Литвинцев,  К.М. Догордурова, Т.М. Ратман, Е.Д. Буданова,  заслуженная артистка Бурятии М.С. Дагданова, М.Д. Старостина, А.А. Даувальтер, Л.И. Докторова, Антоева Г.Г. и др.

Позже, окончив вузы, прибывали  выпускники нашего училища как М.К. Дарбашкеева, Е.С. Попова, А.Е. Скрыбыкина, В. П. Ефремова, М.Н. Андросова. Из Санкт-Петербурга прибыли Л.Г. Габышева, А.Т. Те,  супруги Баландины и другие.

Таким образом, училище постоянно возобновлялось новыми молодыми творческими специалистами, что стало доброй  традицией училища.

Помню, выпускные экзамены проходили в самые холодные дни декабря. На государственные экзамены приезжали преподаватели Восточно-Сибирского Института культуры г. Улан Удэ. Сколько было экзаменов – не пересчесть, но не было, по–моему, случая, чтоб кто-нибудь из выпускников провалил экзамены. Всегда студенты удачно и успешно сдавали экзамен. Это говорит о том,  что все преподаватели свои богатые знания и опыт умело передавали своим воспитанникам, и показывало результат кропотливой и неустанной совместной работы педагогов и студентов.

Хочется особо отметить свою коллегу Нелли Анатольевну Зайцеву. Ее студенты всегда успешно сдавали экзамены, отличались уверенностью и целеустремленностью.

Из педагогов отличалась Мамлакат Дмитриевна  Старостина своим трудолюбием, активностью и преданностью любимому делу. Она в годы работы в училище помимо  основной педагогической деятельности была также председателем студпрофкома. Постоянно ездила в общежитие студентов по улице Лермонтова, 166. Мы до сих пор удивляемся и восхищаемся, как она успевала воспитывать своих маленьких дочерей, выполнять труд хозяйки в доме, воспитывать студентов, управлять деятельностью студпрофкома и в то же время успешно вести преподавательскую деятельность.

Наши студенты принимали самое активное участие во всех культурных мероприятиях: на фестивалях города, республики, массовых хоровых концертах на площадях Якутска.

Огромным событием было участие в сводном хоре радио и телевидения, музыкального училища и моего курсового хора на концерте по оратории Захара Степанова «Славься, страна Олонхо!».  Для студентов это было большим незабываемым праздником.

Мы гордимся, что наши выпускники успешно работают и вносят свой весомый вклад в развитие культуры и искусства родной республики: Е. Соловьева-Лыткина – заслуженный работник культуры, художественный руководитель и хормейстер единственного мужского хора (Алагар, Чурапча), Ф. Попова – заслуженный работник культуры, художественный руководитель, хормейстер Диринского хора, Н. Васильева – заслуженный работник культуры РС (Я), хормейстер Майинского народного хора, А. Павлова – заслуженный работник культуры, успешно работает в Нюрбе, Д. Иванов – обладатель приза «Золотое стремя», артист театра Олонхо, В. Попов, С. Вензель, А. Егоров, А. Пестерева и Л. Николаева – артисты хора ЯГТОиБ им. С.Омоллона. Это только малая часть выпускников дирижерско- хорового отделения училища.

От имени всех преподавателей, проработавших в разные годы в культпросветучилище, и его выпускников поздравляем дружный большой коллектив преподавателей и  студентов Якутского колледжа культуры и искусства со славным юбилеем родного училища! Желаем всем счастья, творческих успехов и всех благ во всех ваших делах и начинаниях! Пусть наше родное училище – Кузница Духовности – живет и процветает на многие- многие годы!

Анна Ивановна Васильева, заслуженный работник культуры РС (Я),

отличник культуры СССР, Почетный ветеран педагогического труда.

Сайда үүнэ тур, мин тапталлаах үөрэммит, үлэлээбит кыһам,  Республиканскай культурнай –сырдатар училище – Культура уонна искусство колледжа «Күн өркөн»!

Мин 1973 сыллаахха Культурнай – сырдатар училище хоровой отделениетын бутэрбитим. Ол саҕана диплому илиигэр билиҥҥи курдук биэрбэттэр этэ. Миигин Горнай улууһугар Бэрдьигэстээххэ культура отделыгар инспекторынан ылбыттара. Дьэ онно сүрүн үлэм таһынан өссө хоровой коллектив тэрийэн хорунан дипломмун көмүскүехтээхпин. Отдел культура сэбиэдиссэйинэн Саха Республикатын культуратын үтүөлээх үлэһитэ Федорова Елена Ефимовна улэлээбитэ. Киэҥ билиилээх, ылыннарыылаах тыллаах, киһи мааныта, чахчы даҕаны норуот таптыыр, ытыктыыр киһитэ этэ. Кини миигин лесхозка хору тэрийэргэ кэпсэппитэ. Лесхоз салайааччытынан Дьячковскай Семен Федорович, Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа, киһи барыта ытыктыыр, убаастыыр киһитэ, дьэ кырдьык даҕаны  хартыынаттан түспүт курдук дуолан саха бухатыыра, Ньургун Боотура киһи этэ. Мин билсиһэ, үэрэтэ тиийбитим барыта эр дьоннор, үксэ орто саастаах, аҕыйах эдэр киһи, икки эдэр кыргыттар, өссө Семен Федорович бэйэтэ эмиэ ыллаьар хорга. Мин чаҕыйа санаатым да хайыамый дипломмун көмүскүөхтээхпин диэн санаанан салайтаран хору тэрийбитинэн бардым. Нэдиэлэҕэ иккитэ дьарыктанабыт. Муус устар 15 күнүгэр училищебыт завуһа Галина Прокопьевна Винокурова салайааччылаах экзаменационнай хамыыһыйа кэлэн тутта. “Биэс” сыанага көмүскээн бары үөрдүбүт-көттүбүт. Кырдьык даҕаны барыбыт ситиһиитэ этэ. Наһаа да үчүгэй дьоннор этилэр. Билиҥнээҥҥэ дылы кинилэргэ махтанабын, харахпар көстөн кэлэр ол үөрүүлээх түгэн. Галина Прокопьевна барарыгар сүбэлээтэ: “Хайаан да туттарыс соҕуруу баран.” Ити  курдук бэс ыйа үүннэ. Ыьыах түбүгэ, онтон да атын тэрээһиннэр. Ыйым бүтэһик күннэрэ үүннүлэр. Сэбиэдиссэйим Елена Ефимовна дьэ көҥүллээн үөрэххэ ыытта. Мин Улуу Октябрьскай революция биһигэр Ленинград куоракка баар Н.К.Крупская аатынан культура институутугар методист-организатор культурно-просветительнай работы туттарса барарга сананным.  Культура министерствотыгар отдел кадров Мария Климентьевнаҕа тиийдим. Направление көрдөстүм, киһим соһуйда, өссө мөхтө тугу гына сылдьаҕын направление бүппүтэ ыраатта диэтэ. Бэйэн баран туттарыс, хойутаары гыммыккын диэтэ. Үөрэммит училищебар тиийдим. Кураторбын Елизавета Степановналыын Галина Прокопьевнаҕа киирдибит. Галина Прокопьевна барахсан үөрэ-көтө көрүстэ, сүбэлээтэ.”Арааһынай түбэлтэ буолуон сөп диэтэ.Олох төттөрү кэлээйэҕин харса суох ыйыталаһан иһээр”- диэтэ. Дьэ ити курдук ытыктыыр ийэ, эдьиий курдук саныыр дьоннорум алҕааьыннарынан ыраах айаҥҥа туруннум. Ленинградка кэлэн докуменнарбын туттардым. Общежитияга киирдим. Экзаменнарбын «4», «5» туттаран,  үөрэххэ киирдим диэн бүк эрэнним, арай список тахсыбытыгар көрбүтүм мин суохпун. Соһуйдум, приемнай хамыыһыйа председатэлиттэн ыйыппыппын, эн заочно киир диэтэ. Бүгүн сөбүлэспэтэххинэ олох даҕаны заочнайга кииириэҥ суога диэтэ. Испэр кыһыйа санаатым уонна ректор приемнайыгыр бардым. Онно тиийбитим саастаах, интеллигентнай киинэҕэ көстөр курдук тетя олорор. Мин ытаабыт сирэйбин көрөн: «Доченька, что случилось?» – диэн ыйыппытыгар ытыы-ытыы кэпсээтим. «Күүт, ректорга мунньах буола турар», – диэтэ. Мин ытыырбын көрөн аһынна быһыылаах, ректорга киирдэ. Ол кэмҥэ приемнай хамыыһыйа председатэлэ киирэн кэллэ: «Тоҕо манна кэллиҥ, вообще олох киирбэккин», – диэтэ. Мин эмиэ ытаан эрдэхпинэ, толору көрүннээх мааны киһи тахсан кэллэ. Төбөбүттэн имэрийдэ, туох буоллуҥ диэбитигэр кэпсээн биэрдим. Личнай дьыалатын аҕалыҥ диэтэ. Көрөн баран «Студентка буолбуккунан»  диэн баран миигин илиибиттэн тутан эҕэрдэлээтэ. Ол ректор Евгений Яковлевич Зазерскай эбит.  Аҕа дойду сэриитигэр юнганан сылдьыбыт. Мин «оправдаю ваше доверие», – диэтим. Дьэ, ол курдук үтүө дьоннор бааллар эбит. Үерэхпин 1978 сыллаахха ситиһиилээхтик бүтэрэн үөрэммит училищебар преподаватель спецдисциплин, клубоведение уонна учебнай практиканы үөрэтэр буоллум. Сразу дирижерско-хоровой отделение 1 курсун кураторынан анаатылар. Балаҕан ыйыгар Өлүөхүмэҕэ , Каландаришвили бөһүөлэгэр хортуоскаҕа Галина Иннокентьевна Холмогоровалыын бардыбыт. 104 студены туттаран кэбистилэр. Ол кэмтэн ыла 3 выпуһу таһааран, кэнники производственнай практика сэбиэдиссэйинэн  атырдьах ыйын 1991 сыллаахха диэри үлэлээбитим. Үлэлээбит кэмнэрбин күндүтүк саныыбын. Наһаа да үчүгэй коллективка түбэһэн үлэлээбит эбиппин. Бары биир дьиэ кэргэн курдук түмсүүлээх, эйэлээх этибит. Клубнай цикл председатэлинэн Московскай культура институтун бүтэрбит киэҥ билиилээх, сымнаҕас майгылаах, уп уһун баттахтаах Габышева Валентина Николаевна үлэлээбитэ. Те Антон Бонсенович, Габышева Анастасия Николаевна, Ломако Клавдия Петровна, Макарова Аграфена Дмитриевна, Троев Ким Гаврильевич, Холмогорова Галина Иннокентьевна, Слепцова Тамара Егоровна. Мин ыкса сибээстээхтик хоровой отделение преподавателлэрин кытта үлэлээбитим. Ол кэмҥэ председатэлинэн Дарбашкеева Мария Константиновна, кэлин Антоева Галина Гаврильевна улэлээбиттэрэ. Миигин учууталым, Саха Республикатын культуратын үтүөлээх үлэһитэ Елизавета Степановна Попова наставниктаан, сүбэлээн-амалаан преподаватель уустук идэтигэр уһуйбута, такайбыта. Хоровой отделенияга бары бииртэн биир талааннаах, кэрэ дууһалаах, үчугэйкээн, элэккэй үлэһит дьоннор үлэлээбиттэрэ. Ол курдук Попова Е.С., Дарбашкеева М.К., Антоева Г.Г.,Скрыбыкина А.Е., Те А.Б., Габышева Л.Г., Васильева А.И., Зайцева Н.А., Андросова М.Н., Томская И.М. уо.д.а.

СНАП-ка Томскай И.Д., Маччасынов И.А., история КПСС Шапошникова Л.С., физкультураҕа Комиссаров И.А., баяҥҥа Иванов О.Д., Иванов Н.М., Давыдов В.В., Оглоблин А.П., Марушкевич Л.А. уо.да атыттар үлэлээбиттэрэ. Троев Ким Гаврильевич  Томскай Иннокентий Дмитриевичтыын учительскайга олорон хаадьылаһаллара, биһигини эдэр учууталлары юмордаан күллэрэн аҕай биэрэллэрэ  бу кулгаахпар иһиллэргэ дылы. Биьигини барыбытын директордар Софронов Гаврил Григорьевич, кэнники  Степанов Иван Дмитриевич, Макарова Аграфена Дмитриевна салайбыттара. Учебнай завуһунан бары директордар кэмнэригэр, Саха Республикатын үтүөлээх учуутала, киэҥ билиилээх, интеллигент, Саха Далбар хотуна Винокурова Галина Прокопьевна, кэлин Дарбашкеева Мария Константиновна үлэлээбиттэрэ. Коллективы сатабыллаахтык салайаллара. Воспитательнай завуһунан Саха Республикатын үтүөлээх учуутала Бельчусова Агния Афанасьевна үлэлээбитэ. Клубнай Лениниана, араас смотрдар, фестиваллар, ыьыахтары тэрийэн ыытааьын, коммунистическай субботниктар, демонстрациялар биһиги илиибитинэн ааһара. Студеннарга бэйэбит оҕолорбут курдук сыһыаннаһарбыт. Үөрэппит оҕолорбут билигин Саха Сирэ киэн туттар дьонноро буоллулар. Ол курдук мин бастакы выпуспуттан Саха Республикатын культуратын үтүөлээх үлэһитэ Фекла Попова, эстрада ырыаһыта Вера Никифорова,кэнниһи выпустан педагогическай наука кандитата Лариса Егорова уо.да атыттар. Үгүстэр талан ылбыт идэлэринэн ситиһиилээхтик үлэлээннэр бочуоттаах сынньалаҥҥа олороллор, сорохтор үлэлии сылдьаллар.

Мин олох киэҥ аартыгар тахсарбар олук буолбут бииргэ үлэлээбит, үлэлии сылдьар коллегаларбар, үэрэппит оҕолорбор барҕа махтал тылларын  этэбин. Доруобай, дьоллоох буолуҥ! Үөрэммит, үлэлээбит кыьабыт, Республиканскай культурнай –сырдатар училище – Культура уонна искусство колледжа «Күн өркөн» чэчирии сайда тур, талааннаах, кэскиллээх эдэр дьону иитэ-үөрэтэ тур!

Саха Республикатын культуратын үтүөлээх үлэһитэ

Григорьева – Левина Альбина Прокопьевна

ГРУППА Д/Х – 1977-1979

Биһиги 1977 сыллаахха Дьокуускайдааҕы культурнай–сырдатар училище дирижерско-хоровой отделениетыгар үөрэнэ киирбиппит. Оччолорго «Оскуола – Производство – Үрдүк үөрэх» диэн девиһинэн оскуола кэнниттэн бары совхоз үлэтигэр  тахсар этибит. Онон үксүбүт улэлээн баран үөрэнэ кэлбиппит.

Училищеҕа үөрэммит сылларбытын, бииргэ үөрэммит үөлээннээхтэрбитин биһиги бары олус истиҥник саныыбыт. Ордук учууталларбытын: оччолорго олох эдэр, икки кыра оҕолоох  Мария Константиновна Дарбашкееваны наһаа себүлүүр этибит. Бэйэбититтэн эрэ кыратык аҕа киһини учуутал оҥостон,  быһа уҥсэн-харсан, көмүскэл көрдөөн айманарбытын өйдүүбун. Билигин Мария Константиновна, Саха республикатын культуратын үтүөлээх улэһитэ, бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор. Уоллаах кыыс оҕо ийэтэ, элбэх оҕо эбээтэ.

Елизавета Степановна Попова, Саха республикатын культуратын үтүөлээх улэһитэ, улэтигэр үтүө сыһыана үгүс наҕарааданан бэлиэтэммит биһиги тапталлаах, убаастыыр учууталбыт буолар.

Е. С. Попова, Саха Республикатын хоровой коллективтарын,  вокальнай ансамбылларын салайааччыларын барытын үөрэппит буолан, билигин да барыларыгар көмөлөһө, үөрэтэ сылдьар. Кини бүтүн республиканы курдарыта туһэн, биирдэ истибитин Уус-Алдаҥҥа тиийбит буолар,  бүгүн Бүлүүгэ жюрилыы барбыт аатырар. Биирдэ истибитиҥ Чурапчыга, Чыаппаратааҕы эр дьон хорун салайааччыга Екатерина Марковна Лыткинаҕа тиийбит буолар. Ол туЬунан туспа кэпсээн. Катяҕа учуутала кэлэн мэлдьи көмөлөһөрүн истэн, Лаврентьев Володя – Боодьо Катяны «Сатаан улэлээбэт буолаххына уурай» диэбит сураҕа иһиллэн, биһиги дэлби күлбүппүт. Ол «сатаан улэлээбэт киһибит» Екатерина Марковна Лыткина, Саха республикатын культуратын үтүөлээх улэһитэ,  кини салайар эр дьонун хуора Россия үтүөлээх коллектива буолбута.

Мин санаабар Елизавета Степановна кыһамньытынан, үтүө суобастаах үлэтинэн республикаҕа, хоровой ырыа уостубакка, хоровой- вокальнай коллективтар сүтэн-симэлийэн хаалбатылар.

Пианистка Тамара Ратман хотой курдук көрөн – истэн эрэлиҥнэтэ олороро бу баар курдук. Наһаа кыраһыабай, элэккэй майгыннаах, үтүө дууһалаах Елена Буданованы  наһаа учугэйдик саныыбыт. Кинилэр атын омук дьонноро, бу тыа сириттэн кэлбит үчугэйдик нууччалыы билбэт, мөлтөх таҥастаах-саптаах оҕолору биирдэ да кырыы харахтарынан көрбөтөхтөрө, хаҕыстык сыһыаннаспатахтара. Онон биһиги – тыа оҕолоро,  атын омуктары саҥа көрөр, алтыһар дьоҥҥо үтүө санаа кыымын сахпыттара. Оччолорго 70 – 80 сылларга, кистэл буолбатах, омуктар сыһыаннарыгар саханы сэнээһин куннээҕи олоххо үгүстүк көстөрө.

Антон Бонсенович Те, наһаа холку, кыра аайы кыһаллыбат киэҥ көҕүстээх үтүө киһи, кэрэ куоластаах ырыаһыт курдук өйдүүбүн.

СНАП диэн үөрэх баара барыбытын да сордообута. Учууталбыт  Иннокентий Томскай үчугэй кумааҕы суох буолан, боростуой обуойга суруйбут плакаппытын туппакка, тэһитэ анньан кэбиһэн, училищеҕа хоно сытан суруйбут тугэннэрбит бааллара. Ол оннугар үлэлиир кэммитигэр туох да биллэриитин, плакатын тулуппакка суруйар этибит. Уруок бириэмэтигэр, суруйан бодьоолуур кэммитигэр Иннокентий Томскай олох туһунан, инникитин хайдах дьаһаннахпытына ордук буолуон сөбүн ырытан, сүбэлээн, олоххо үөрэтэр эбит этэ. Бэйэтэ, билигин санаатахпына бөлүһүөктүү өйдөөх – санаалаах, киэҥ билиилээх, сайдыылаах  киһи эбит.

С.С. Лебедкин нуучча литературатын наһаа учугэйдик кэпсиирин өйдүүбүн.

Олорор усулуобуйабыт мөлтөх да соҕус буоллар, биһиги наһаа эйэлээхтик олорбуппут. Ол эйэбитин, үтүө сыһыаммытын  билигин да илдьэ сылдьабыт.

Субу баар курдук ейдүүбүн: боччумнаах, лоп-бааччы саҥалаах-иҥэлээх, оччолорго хап- хатыҥыр, дьүөгэбин Катя Соловьеваны. Кини билигин бүтүн Россия үрдүнэн биллэр Чыаппаратааҕы эр дьон хорун салайар, Саха Республикатын культуратын үтүөлээх үлэһитэ, ыал ийэтэ, элбэх сиэн  тапталлаах эбээтэ.

Долгуннаах суһуохтаах,  наһаа күлүүк, хантаһыйан хаампыт  дьүөгэм,  кэрэ куоластаах ырыаһыт Таня Хомподоева. Билигин радионан кини ырыатын иһиттэхпинэ, хайдах эрэ күөмэйбэр хомуох туран, бөтө бэрдэрэр курдукпун. Татьяна Афанасьевна билигин социальнай харалта улэһитэ, Саха Республикатын культуратын туйгуна. Республикаҕа биллэр айар куттаах дьиэ кэргэн ийэтэ, эбээтэ.

Өрө күлүбүрээбит Клара Попова. Аҕыйах сыллааҕыта билсэ сылдьыбыппыт, оскуолаҕа улэлиир эбит этэ. Ус оҕолоох ыал ийэтэ.

Уһун суһуохтаах, ыраас хааннаах, бөдөҥ-садаҥ Света Евсеева. Кини Сунтаар улууһугар культура улэһитэ, бэйэтэ-бэйэтинэн. Ыал ийэтэ, эбээтэ. Кини курдук холку, киэҥ куоластаах тойуксуту истэ иликпин.

Сэмэй майгылаах, ис-киирбэх Рая Митина. Рая төрөөбүт дэриэбинэтигэр Хаяхсыкка библиотекардыыр. Оҕолоро бары үөрэхтэнэн, ыал буолан улэлии-хамныы сылдьаллар.  Рая эбээ буолан сайын аайы сиэннэрин көрөр.

Эҥээритэн саҥарбыт, киэҥ-холку майгылаах  хоту кыргыттарын – Майя Слепцованы, Раяны, Ира Панкратьеваны, Таня Солдатованы, Галя Лаптеваны бу баардыы көрөбүн.  Кыргыттар бары төрөөбүт хоту дойдуларыгар үлэһит, дьон-сэргэ, оҕо-уруу бөҕө буолан олороллор,  сураҕа.

Күүстээх, дохсун майгылаах, олус үчугэй куоластаах Надя Оконешникова оҕолордоох, сиэннэрдээх. Сайын аайы кэриэтэ кэлэн барар, онон сотору-сотору көрсөбүт.

Оскуола кэнниттэкн кэлбит, нууччалыы тыллаах кыргыттарбыт Наташа Аржакова, Люба Аммосова. Люба Сунтаарга кэргэн тахсан оҕо-уруу буолан олорор. Аҕыйах сыллааҕыта билсэ сылдьыбыта. Олохтоох администрацияҕа улэлиир эбит этэ, оччолорго.

Комсоргбут Муся Стручкова Мэцэ-Хаҥаласка олорор. Элбэх оҕо ийэтэ, ыал эбээтэ.

Нам нарын кыыЬа –  Света. Кэргэн тахсан Ньурбаҕа олохсуйбута. Культура улэЬитэ, ыал ийэтэ, эбээтэ.

Бүлүү кыргыттара кэрэ куоластаах Аня Иванова, үтүө майгыннаах, наар үөрэ-көтө сылдьар Галя Борисова. Аанчык Иванова Бүлүү улууһун Кыргыдай диэн биир уһук нэһилиэгэр кулуупка өр сылларга үлэлээбитэ. Элбэх оҕо ийэтэ, эбээтэ.

Биһиги бииргэ үөрэммит уолаттарбыт туһунан туспа ахтан ааһыахпын баҕарабын. Уолаттарбыт олох аҕыйах эрээри, бары киһи астынар, дьиҥнээх сахалыы, эр киһилии өйдөөх-санаалаах этилэр. Кинилэр биһигини үөрэнэр кэммитигэр  2,5 сыл устата көрөн-истэн, өйөөн кэлбиттэрэ.

Биһиги студеннар олорор уопсайбыт 12 квартиралаах икки этээстээх, оһоҕунан оттуллар мас дьиэ этэ. Хас күн аайы,  хостон биир киһи дежурнай буолан үөрэммэт. Кини уу баһан, оһоҕу оттон, ас атыылаһан астаан, бөҕү, ууну-хаары тоҕон,  күнү быһа солото суох буолар. Биир хостоох квартира5а 11 орону ярустаан туруоран баран, иккилии буолан утуйабыт. Онон биир хостоох квартира5а 22 кыыс олоро сылдьыбыппыт. Онно маһы тиэйэн аҕаллахтарына уолаттарбыт хайыта охсон, орон аннынан барытын кыстаан кэбиһэллэр этэ. Мас былдьаһык, бүтэн хааллаҕына, оһоххун оттубаккар тиийэҕин. Эбэтэр таас чоҕунан оттон чаан, буруо-тара бөҕө буолар. Үгээрдии да сылдьыбыппыт, баһаар да буола сылдьыбыта. Хата баччаҕа тиийиэххэ, улаханнык  былдьаппатахпыт.

Ордук Виктор Смирников ону барытын кеҕулээн, дьаһайан оҥорор курдук саныыбын. Билигин Мотялаах Виктор Смирниковтар Чурапчы улууһун биир сис ыала буолан Төлөйгө олороллор. Оҕо- уруу, сиэн, дьиэ-уот, сүөһү-ас дэлэй дьоно. Мотя 30 тахса сыллааҕыта студенныы сылдьан күлэн бычыгыратарын курдук күлэ сылдьар. Виктор улахан дьиэ-кэргэн тулхадыйбат тутааҕа, аҕа баһылыга. Быйыл күһүн кини 60 сааһын Төлөйгө баран бэлиэтээн, астынан, ахтылҕаммытын таһааран кэллибит. Биһиги Викторбыт үтүө киһи, төһүү улэһит, бастыҥ ыал ытыктанар аҕата буоларын өссө төгүл итэҕэйэн, киэн туттан кэллибит.

Биир дьоһун киһи – Илья. Кэбээйиттэн төрүттээх. Эппит тылыгар турумтуо, дохсун соҕус майгылаах быһыылааҕа. Сураҕа Кэбээйигэ Ньидьили күөл үрдүгэр олорон, аатырбыт Кэбээйи соботун балыктыыр үһү.

Хомойуох иһин биһиги сааһыран эрэбит диэн саҥа сананан эрдэхпитинэ  бииргэ үөрэммит уолаттарбыт бу олохтон баран соһуттулар да, хомоттулар даҕаны.

Ньурба драматическай театрын директора Владимир Адамов, эмискэ бу олохтон туораан барыбытын соһуппута. Кини бастакы курстан армияҕа барбыта, онтон кэнники бэрт ахсааннаахтык көрсүбүппүт.

Хайы-уйэ биэс сыл буола охсубут хаарыан табаарыспыт Владимир Михайлович Лаврентьев – Боодьо эмтэммэт ыарыы буулаан, бу орто дойду олоҕуттан арахпыта. Куоракка баар бииргэ үөрэммит оҕолоро, учууталлара бары баран көрсөн, атааран хаалбыппыт.

Владимир Михайлович Лаврентьевы – Боодьону мин 1978 сыллаахтан билэбин. Кини биһиги 2 курска үөрэнэ сырыттахпытына армияттан кэлэн салгыы үөрэммитэ. Күһүҥҥү практикаҕа, Өлүөхүмэҕэ Кыыллаах Арыыга хортуоска хостуу барар буолбуппут. Хаарбах соҕус пароход трюмугар тиэйэн илдьибиттэрэ. Баран иһэн аатырбыт Өлүөнэ очуостарын көрбүппүт. Онтон пароход өрүс ортотугар тохтообутугар, биһигини оҥочонон Кыыллаах Арыыга таспыттара. Онно, кулуупка күн аайы кэриэтэ үҥкүү буолар этэ, Боодьо гитаранан доҕуһуоллаан ыллыырын онно бастаан сэргии истибиппит. Уоллаттар баяҥҥа оонньоон, гитаранан ыллаан, онон уҥкүүлүүр этибит. Боодьо Лаврентьев көр-күлүү аргыстаах, гитаранан ыллаан кыргыттар куттарын долгутар быһыылааҕа. Ол иһин буолуо, Айыыһыт киниэхэ ус  кыыс оҕону бэлэхтээбит. Улахан кыыһа Светлана дьоһун киһи,  Саха радиотын биир талааннаах, убаастанар  улэһитэ, ыал ийэтэ.

Мария Константиновна Боодьону кыһаллан үрдүк үөрэхтээбитэ. Ол кэтэхтэн үөрэҕи Татьяна Хомподоева-Сергучева эмиэ бутэрбитэ. Онно кинилэр Боодьо курсовойдарын оҥорон, көмөлөһөн, бастакы курсу бүтэттэрбиттэр этэ. Онтон туох эрэ кыаллыбатаҕар, Боодьо «итиччэ саҕалаан баран, бүтэртэрэн кэбиспэтэхтэр» диэбит сураҕа кэлэн эмиэ дэлби күлбүппүт.

Ол дипломун ыалдьа сыттаҕына, балыыһаҕа  илдьэн туттарбыппыт. Уол кэмҥэ кини Мугудайга депутатынан талыллыбыт этэ. Ити барыта кини олоххо тардыһыытын, олох үөһүгэр сылдьыбытын уонна дьонун-сэргэтин убаастабылынан туһанарын  туоһута  буолар.

Быйыл биир талааннаах, үтүө үлэһит уолбут Семен Третьяков бу олохтон бараахтаата. Сеня төрөөбүт улууһугар, Орто Халымаҕа үйэтин тухары тахсыылаахтык үлэлээн, коллективтары тэрийэн, салайан олоҕун түмүктээтэ. Кинини эмиэ балыыһаҕа тиийэн көрсөн, атааран хаалбыппыт. Семен Дмитриевич Третьяковы улууһун дьоно-сэргэтэ, үөрэппит, дьарыктаабыт оҕолоро, ытыктаан тиһэх суолугар ытыс  тыаһынан  атаарбыттарын хаһыакка ааҕан долгуйа махтана санаабытым.

Биһиги курспут үксүбүт культура эйгэтигэр улэлээн, сорохпут атын эйгэҕэ көһөн, бары үтүө үлэһит аатын ылан улэлээн-хамнаан кэллибит. Өр сылларга культура курдук хаһан да бүппэт, түгэҕэ көстүбэт, сороҕор улаханнык сыаналаммат үлэҕэ эриллэн билиҥҥэ дылы улэлии сылдьаллар: Екатерина Лыткина, Светлана Никифорова, Светлана Евсеева-Зедгенидзева, Ирина Панкратьева, Анна Иванова, Раиса Митина- Колодезникова.

Үөрэх эйгэтигэр олохторун анаабыт оҕолорбут: Татьяна Солдатова-Слепцова, Галина Лаптева- Шкулева, Клара Попова, Галина Борисова, Марфа Стручкова-Харитонова, Раиса Оконешникова- Стручкова.

Социальнай эйгэҕэ таһаарыылаахтык үлэлии сылдьаллар: Наталья Иванова-Николаева, Татьяна Хомподоева-Сергучева.

Биһиги куоракка олохсуйбут выпускниктар биир киэн туттар ыалларбыт Наталья уонна Вячеслав Поповтар буолаллар. Элбэх оҕолоох, сиэннээх сис ыал. Наталья Дмитриевна өр сылларга милиция улэһитэ, ИДьМ туйгуна. Бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсан баран хаан кутар станция төһүү үлэһитэ. Вячеслав Попов ЖКХ улэһитэ, кэрэ куоластаах, ыҥырыыга сылдьар ырыаһыт. Булчут, балыксыт бастыҥа. Кини бултаабыт булдун Наталья астаан-үөллээн биһигини күндүлээччи.

Биир истиҥник саныыр дьүөгэбит Галина Ивановна Борисова ХИФУ инженернэй – техническэй институтун уопсайга олорор уолаттарын баспытаатала. Кини тыа сириттэн үөрэнэ кэлбит уолаттары ийэлии кыһаллан, дууһатын ууран үлэлиир үтүө улэһит. Аҥардас үлэтинэн эрэ муҥурдаммат. Уолаттар талааннарын арыйан, кинилэр хоһоннорун уонна ахтыыларын хомуйан кинигэ таһаартарбыта. Уолаттар ийэлэрин ыҥыран чиэстээн кинилэргэ хоһооннорун ааҕан, ийэлэр да уолаттар да астынан, дуоһуйан барар тэрээһиннэрин бэйэтэ ис-санаатыттан тэрийэр. Кини истиҥ сыһыана, эйэҕэс майгыта, уолаттар инникитин сыыһа суолга үктэммэккэ, үтүө улэһит, ыал-дьон буоллалларыгар төһүү буолара саарбаҕа суох. Галина бэйэтэ үлүһүйэн туран хаартысканан, туос оҥоһугунан, ииһинэн, баайыынан, оҕуруонан дьарыктанар, асчыт мааныта. Кини сатаабатаҕа суох. Үгүс үбүлүөйдэрбит киэргэтиитинэн дьарыктанар.

Биһиги курспут биир тутаах киһитэ Татьяна Хомподоева-Сергучева буолар. Мэльди күлэ-үөрэ сылдьар, республика биир тарбахха баттанар, музыкальнай ыалын ийэтэ, эйэҕэс эбээтэ, үтүө хаһаайка. Үһүс көлүөнэ оскуолатын культураҕа улэһитэ. Мин санаабар, республика биир хатыламмат, кэрэ куоластаах ырыаһыта. Биһиги көрсүһүүлэрбитин киэргэтээччи, көрү-күлүүнү оройуттан тутааччы, дьүегэбит Хомпо Таня.

Эмиэ социальнай эйгэҕэ улэлии сылдьар Наталья Иванова-Николаева буолар. Курспут старостата Наталья, элбэх сылларга социальнай тэрилтэ салайааччытынан ситиһиилээхтик улэлээбитэ. Ыал ийэтэ, эбээтэ. Кини сатаабатаҕа эмиэ суох. Дьиэ-уот туттан, бэрт баҕайытык тэринэн олорор.

Олорор усулуобуйабыт мөлтөх да буоллар, биһиги наһаа эйэлээхтик олорбуппут. Сороҕор ыарахан да тугэннэр буолан ааспыттара. Ону барытын этэҥҥэ ааһан, билигин үчугэй эрэ өттүн өйдүүбүт.

Үөрэнэр сылларбытыгар бастакы сыбаайбалар буолбуттара, бастакы оҕолор төрөөбүттэрэ.

Биһиги курспутуттан саамай элбэх киһи культура эйгэтигэр үлэлии сылдьар. Сайын аайы учууталларбытын ыҥыран көрсө сатыыбыт.

Бэйэм туспунан аҕыйах тылы суруйдахпына, мин училище кэнниттэн Илин-Сибиирдээҕи государственнай культура институтун бүтэрбитим. 4 сыл устата Бүлүүтээҕи РДК-ҕа старшай методиһынан үлэлээбитим. Онтон 1988 сыллаахтан Дьокуускайга олоробун. Кыыс оҕолоохпун. Государственнай службаҕа үлэлээбитим 25 сыла туолан, бочуоттаах сынньалаҥҥа олоробун.

Татьяна Протасова,  дирижерско-хоровой отделение

1979 сыллаах выпускнига.

Саха республикатын культуратын үтүөлээх үлэһитэ.

 Саха республикатын гражданскай государственнай службатын туйгуна.

Биһиги, дирижерско-хоровой отделениеҕа 1977 сыллаахха үөрэнэ киирбиппит. Республикабыт чугас-ыраах муннуктарыттан,  сорохторбут олохторун устата  тиэргэннэриттэн тэлэһийбэтэх, ийэ  аттыттан арахпатах оҕолор  өрөспүүбүлүкэ культурнай-сырдатар училищетыгар киирэн идэ ылаары үөрэхпитин саҕалаабыппыт. Биһиэхэ кураторынан Улан-Удэ культуратын институтун саҥа бүтэрэн кэлбит эдэр специалист Мария Константиновна Дарбашкеева анаммыта. Кини биһигиттэн сорохторбутуттан аҕыйах сылынан аҕа буолан, биһигиттэн атына суох, биир саастыылаахпыт курдук көстөрө. Ол да буоллар, кини биһиэхэ амарах, ийэлии сыһыаннаах этэ. Кини налыччы куолаһа ханнык да кэмнэргэ биһиэхэ күндүтүк, эйэҕэстик иһиллэрэ. Мария Константиновна биһиэхэ  музыка теориятын предметын биэрэр этэ. Маҥнайгы үөрэнэр сылбытыгар кини киһилии эйэҕэс майгыта, өйөбүлэ оҥой-соҥой көрбүт дойдуларын, дьоннорун  ахтан  сылдьар оҕолорго олус улахан өйөбүл, бэйэни булунууга күүс-көмө буолбута.

Солдатова – Слепцова Татьяна Егоровна СӨ үөрэҕириитин туйгуна, үрдүк категориялаах педагог,

РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, «Барҕарыы» национальнай фонда стипендиата,

«2000 сылга 2000 үтүө дьыала» бэлиэ хаһаайына.

 

Мин ЯРКПУ-га 17 саастаахпар  Верхоянскай улууһуттан үөрэнэ саҥа оскуоланы бүтэрбит, куорат диэни саҥа көрбүт эдэр оҕоҕо, миэхэ олус ыарахан этэ.  Куоракка кэлэн, биир да билэр киһитэ суох буолан, улахан стресскэ киирэн, ол түмүгэр тирии ыарыыта буолбутум. Ону Мария Константиновнаҕа кистии-саба кэпсээбиппин, кини илиибиттэн сиэтэн илдьэн, поликлиникаҕа көрдөрөн, эмтэнэн тургэнник үтүөрбүтүгэр улахан махталбын этэбин. Мария Константиновна сымнаҕас–эйэҕэс майгылаах, киһи толлубат ис киирбэх буолан, миэхэ тулаайах оҕоҕо, истиҥ ийэ, эйэҕэс эдьиий буолбута. Онон учууталбар Мария Константиновнаҕа барҕа махталбын тиэрдэбин, тус олоҕор дьолу – соргуну кытаанах доруобуйаны баҕарабын.

Хомподоева –Сергучева Татьяна Афанасьевна СӨ культуратын туйгуна.

 

Биһиги культпросветка үөрэнэр сылларбытыгар сарсыарда 8 чаастан саҕалаан, киэһэ бүтэһик автобус сылдьыар дылы үөрэнэн элбэх билиини-көрүүнү ылбыт эбиппит. Аны санаатахха, туох баар буһууну-хатыыны барытын ааспыт эбиппит. Кулууп үлэһиттэрин иитэн таһаарар үөрэх итинник эрэ буоллаҕына табыллар эбит. Учууталларбыт бииртэн биир үрдүк культуралаах, дириҥ билиилээх буоланнар, ити кылгас бириэмэҕэ билии биэрэн, олоххо туһалааҕы барытын үөрэтэн кынат үүннэрэн ыыттахтара. СНАП учуутала Томский И.Д. хас биирдии оҕоҕо уонунан сыллар ааспыттарын да иһин кини биһиэхэ биэрбит үөрэҕин олохпутугар туһана сылдьабыт. Кини үөрэппит оҕолоро кэлин, үлэлиир кэммитигэр өрүү хайҕалга сылдьар этибит. Сольфеджио учуутала Иван Иванович киһи киэнэ килбиэннээҕэ бастыҥ майгылааҕа. Билигин кэлэн тугу кистэниллиэй, кинини сымнаҕаһырҕатан уруоктан күрээбиппит аҕыйаҕа суох буолуохтаах. Ол гынан баран ким да кини предметыгар экзамены туттарбатаҕын өйдөөбөппүн, ол аата сольфеджио курдук олус ыарахан үөрэҕи үчүгэйдик үөрэттэҕэ. Клубоведениены Антон Бонсенович Те үөрэппитэ. Кини олус үчүгэйдик ыллыыр, ып ыраастык таҥнан  көбүс көнөтүк туттан  киирэн  кэлэр этэ. Кини саҥата хаһан да үрдээбэт этэ ирдэбиллээх, ол гынан баран барыбытыгар биир тэҥ сыһыаннаах үтүө учуутал этэ, кинини сөбүлээбэт, убаастаабат оҕо диэн суох буолуохтаах. Бэйэбит ийэбитигэр холоонноох М.К. Дарбашкеева, Е.С.Попова оччоттон баччааҥҥа диэри сибээһи быспакка эрэ учууталларбытын кытта тэҥҥэ хардыылаан кэллибит. Училищеҕа сылдьан учууталларбыт диир эбит буоллахпытына, билигин истиҥ дьүөгэлэрбит, сүбэһиттэрбит-амаһыттарбыт, олох хайа баҕарар түгэннэригэр дурдаларбыт-хаххаларбыт. Үрдүк культуралаах, дириҥ билиилээх учуутал диэн өйдөбүлү мин кинилэргэ көрөбүн. Мин кинилэринэн олус киэн туттабын, өрүү кинилэргэ тэҥнэһэ сатыыбын.

Лаптева  – Шкулева Галина Иннокентьевна – СӨ үөрэҕириитин туйгуна.

 

Мин Мария Константиновнаны олус убаастыыр учууталым буолар. Кини киһини наһаа өйдүүр хаһан да кыыһырарын көрбөтөхпүн, киэҥ холку санаалаах киһиннэн билинэбин. Е.С. Поповаҕа биһиги туох баар кыһалҕабытын этэрбит, ону кини куруук көмө буолара.  Дьоллоох буолуҥ күндү –мааны учууталларым!

Дорофеева – Никифорова Светлана ГаврильевнаСӨ культуратын туйгуна.

 

Мин үөрэнэ сылдьан кэргэн тахсан, оҕолонон, биир сылбын көтүппүтүм. Эһиилигэр оҕобун ийэбэр хаалларан баран үөрэхпин салгыы кэлбитим онно оҕобун олус ахтан Елизавета Степановна уруогар кыраттан хомойон ытаабытым. Ону Елизавета Степановна маннык мөҕөн турардаах: «барахсан, өссө ытаарыый». Онуоха мин тохтоон хааллым, кырдьык даҕаны туох аатай сүрүн диэн кыбыһынным, сонньуйдум уонна бэйэ бодобун өрө тардынным. Ол сыл Елизавета Степановна миэстэбэр туруорбатаҕа буоллар, үөрэхпин быраҕан баран хаалыахпын сөбө буолуо. Үөрэҕим кэнниттэн өр сылларга тэрийэр үлэҕэ, кулууп директорынан үлэлээбитим. Кэнники уонча сыл специальноспынан хору салайарбар Елизавета Степановна оскуолата улахан күүстээх буолан ситиһиилээхтик үлэлии-хамсыы сылдьабын.

Иванова – Майорова Анна Афанасьевна  – СӨ культуратын туйгуна.

 

Группа кураторынан Мария Константиновна наһаа үчүгэйдик үлэлээбитэ.  Дирижированияҕа Елизавета Степановна олус кыһамньылаахтык  үөрэппитэ. Училищеҕа ылбыт билиибинэн мин Бүлүү улууһун Кыргыдай нэһилиэгэр кулуупка пенсияҕа тахсыахпар дылы үлэлээтим. Үлэлиир кэммэр олус элбэх күрэххэ, куоталаһыыга кыттан үгүстүк кыайан-хотон дьон-сэргэ биһирэбилин ыллым. Бу барыта мин үөрэппит учууталларым үтүөлэрэ-өҥөлөрө буолар. Онон мин улахан махталбын тиэрдэбин миигин үөрэппит учууталларбар уонна баҕарабын кинилэр олохторугар бу сир үрдүгэр баар дьолу-саргыны, үөрэппит-ииппит оҕолоргут махталларынан-тапталларынан бигэнэн үгүс сылларга чэгиэн-чэбдик буолуҥ, өссө айыҥ-тутуҥ тус олоххо бары кэрэни, дьиэ кэргэҥҥитигэр күн сирин үтүөтүн!

Оконешникова-Стручкова Раиса Михайловна – Абый улууһун культура сайдыытыгар киллэрбит өҥө бэлиэтин хаһаайына.

Саамай өйдөөн хаалбыт түгэним уопсай хорга ыллыырбытын, онно училище оҕото барыта ыллыыра. СНАП уруогар сатаан суруйбакка эрэйдэнэр этим, дирижированиеҕа үөрэтэр учууталым Нелли Анатольевна Зайцева олус строгай этэ. Уопсайга олорбуппутун олох умнубаппын оһох отторбут, таһырдьаттан уу баһарбыт, киэһэтин бары бииргэ ас астаан аһыырбыт. Дьүөгэлэрим  Муся, Капа этилэр, кинилэрдиин перемена бириэмэтигэр «Юность» маҕаһыынтан ас атыылаһан сиир буоларбыт.

 

Ийэлээх-аҕам тэҥэ

Мин, Иванов Дмитрий Семенович, 1983-85 сыл ахсынньытыгар дылы Дьокуускайдааҕы культурнай-сырдатар училищеҕа дирижер-хоровик идэтигэр үөрэммитим, бүтэрбитим. Ол кэмтэн күн бүгүнүгэр дылы 31 сыл устатата культура эйгэтигэр үлэлиибин. Билигин Олоҥхо театрыгар артыыһынан үлэлиибин.

ЯРКПУ-га үөрэммит сылларбын сүрдээх үчүгэйдик саныыбын. Тус олохпор, дьылҕабар, идэ ылан киһи-хара буоларбар ийэлээх-аҕам тэҥэ саамай улахан тирэҕи биэрбит училищем уонна миигин үөрэппит күндү учууталларым буолаллар. Кураторбыт Елизавета Степановна Попова – хор класс, Анна Егоровна Скрыбыкина – вокал, Анна Ивановна Васильева – дирижированияҕа үөрэппиттэрэ. Тыа сириттэн, олох “үрэх баһыттан” кэлбит, музыкальнай инструменнары тутан-хабан көрбөтөх, тыастарын ситэ өйдөөн арааран истибэт кэриэтэ дьону, биһигини учууталларбыт барахсаттар бүөбэйдээн-үөрэтэн, идэ биэрэн айар үлэ алыптаах аартыгын булларбыттара.

Дьиҥинэн олорорго, үөрэнэргэ оччолорго усулуобуйа сүрдээх уустук эбит, бу санаатахха. Ол эрэн ону биһиги, буолуохтааҕын курдук ылыммыппытыттан эбитэ дуу, эбэтэр эдэр саас дьүккүөрэ баһыйан эбитэ дуу?! Улахан мэһэй курдук ылыммат эбиппит. Барыта баара: устудьуон оло5о, үөрэх умсулҕана, романтика, таптал. Ол кэмнэрбин, училищеҕа үөрэммиппин адьас кэмсиммэппин, дьылҕабар махтанабын, талааннаах-дьоҕурдаах учуутал дьоҥҥо үөрэммиппиттэн, дьиҥ-кырдьык педагог дьоҥҥо уһуйуллан-алтыһан ааспыппар, мин туспар тугу да көҥөммөтөҕүттэн.

Арай үөрэммит кэмнэрбэр билигин төнүннэрдэллэр… Баҕар, бэрт кыра түгэни, көннөрө түһүөх баара дуу?!

     Иванов Дмитрий Семенович, Олоҥхо театрын артыыһа

Дьокуускай куорат, 2016 сыл алтынньы ый эргэтэ.

 

Учууталым иитэр – такайар ньыматыгар тирэҕирэн…

Хас биирдии киһи бэйэ – бэйэтигэр маарыннаспат тус – туспа дьылҕалаах, ураты сайдар суоллаах – иистээх буолар. Эдэр киһи олоҕун аартыга хайдах саҕаланара, кини туох ханнык киһи буолара, инники дьылҕата төрөппүттэриттэн эрэ буолбакка, үөрэппит учууталларыттан, үөрэммит сириттэн, тулалыыр доҕотторуттан быһа тутуллуктааҕын, билигин үйэ аҥарын быһа үктээн олорон, саарбаҕалаабаппын.

Эрчимнээх эдэр саас, үчүгэйдик үөрэннэххэ, идэни баһылыыр, доҕор – атас истиҥ сыһыанынан угуттанар мааны кэм! Бу сириэдийэ сайдар кэмҥэ, эн тускар өйдүүн, сүрэхтиин ыалдьар учууталга түбэстэххинэ – ол эн дьолуҥ. Оннук учууталларга мин үөрэммит дьоллоохпун! Олортон биирдэстэрэ, 1985 сыллаахха Дьокуускайдааҕы культпросвет училище кыһатыгар киирбит кэммэр, ийэлии мичээрдээн көрсүбүт группабыт салайааччыта (куратора) Попова Елизавета Степановна буолар.

Кыра уҥуохтаах буолан баран, бэйэтигэр сөп эттээх – сииннээх, куруук үөрэн мичилийэ сылдьар харахтардаах, ылыннарыылаах тыллаах – өстөөх куратарбыт бастакы күнтэн сөбүлэтэн, кэмчи уоллаах, элбэх кыыстаах группаны салайан үлэ күөстүү оргуйбута, ырыа – тойук дьиэрэйбитинэн барбыта. Өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан мустубут,  мин аҕай диэбит 18 кыыһы, 3 уолу аҕыйах кэм  иһигэр түмэ тардан биир дьиэ кэргэн о5олорун курдук оҥортообута. Биир дьиэ кэргэн оҕолоро диэн күүркэтэн эппэппин. Хас биирдиибит бэйэ – бэйэбит туһугар чахчы ыалдьарбыт, долгуйарбыт. Елизавета Степановна Лермонтова уулуссаҕа турар икки этээстээх мас дьиэҕэ иккис этээскэ олороро, биһиги ол дьиэҕэ бастакы этээскэ икки хоһунан тарҕанан олорорбут. Графигынан дьуһуурунайдаан ас астанан биир остуолга төгүрүччү олорон минньигэстик да аһыырбыт, ол кэннэ куруук ырыа ыллыырбыт.  Бэл диэтэр, таҥнар таҥаспыт уопсай буолааччы. Бу санаатахха, итиччэ элбэх киһи киириитэ – тахсыыта, ырыата – тойуга үөһэ олорор кыра оҕолоох дьоҥҥо мэһэйдэтиилээх соҕус буолуо эрээри, биирдэ даҕаны мөҕүллүбүппүтүн өйдөөбөппүн. Төттөрүтүн, дьиэтигэр сырытыннара сатыырын, куруук чэйдэтэрин бу баардыы саныыбын. Оччотооҕу халбаһыы минньигэс амтана айахпар билигин да  баарга дылы.

Төһөлөөх ырыаны ыллааабыппыт буолуой?! Ырыаттан дуоһуйар да этибит. Учууталбыт «Кыыллаах арыы барахсан» диэн сүрэхтэн сүппэт норуот ырыатын, элбэх куоласка арааран ыллатыыта, өйү – санааны байытыы, дойду туһугар киэн туттууну үөскэтэр ньымата эбит диэн билигин өйдүүбүн. Ол да саҕана биһиги дойдубут туһунан ырыаны ыллыырбытыттан дьүөгэбинээн Ефимова (Ефремова) Марианналыын кистээн астынарбыт. Ону таһынан киэһэ ахсын, талба талааннаах кыргыттарбыт Даша Петрова (Яковлева), Сардана Михайлова (Осипова), Лена Ефремова (Өлөөнчүк) гитараларын тыаһыгар доҕуһуоллатан араас оччотооҕу ыччат ырыаларын ыллыырбыт. Олус да үчүгэй кэмнэр ааспыттар!

Айылҕаттан айдарыылаах учууталым барахсан ыччат дьоҥҥо биһиэхэ ийэлии истиҥ сыһыанынан  сүрэхпитин сүүйүөн сүүйбүтэ. Төһө кыалларынан кыыһырдыбакка буола сатыырбыт, оҕолуу толлорбут, таптыырбыт да бэрт этэ. Кини биһиэхэ сыһыана эмиэ итэҕэлгэ, истиҥ сыһыаҥҥа тирэҕирэрэ. Хомойдоҕуна даҕаны, сэрэтии да биэрэр кэмигэр, кыыһырбытын кистээн туттара- хаптара, саҥарара – иҥэрэрэ. Бу барыта миэхэ билигин үлэбэр солбуллубат холобур. Төрөөбүт дойдубар, Өлүөхүмэ оройуонун Кыыллаах арыытыгар, оскуолаҕа үлэлээбитим  26-с сылыгар барда. Бу кэм тухары араас түгэннэр бөҕө буолаахтаатаҕа… Онно барытыгар, бэйэтэ да билбэтинэн, Елизавета Степановна сүбэлии сылдьар. Бу түгэҥҥэ кини хайдах гыныах этэй, туох диэх этэй диэн ыйытыктарга учууталым майгытыттан, иитэр – такайар ньыматыттан куруук эппиэт булабын.

Раиса Лавернова (Мокрощупова)

СӨ үөрэҕириитин уонна культуратын туйгуна,

Учууталлар учууталлара знак  хаһаайката,

Кыыллаах нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо.

25.10.2016с.  

 

С благодарностью о колледже!

Якутский Колледж Культуры и Искусств открыл для меня двери ещё в детстве. Помню, как вчера, пришла в студию “Тулуйхан” к Светлане Александровне Неустроевой. Там началась моя музыкальная жизнь. Я очень благодарна и горжусь тем, что я выпускница студии Неустроевых. После окончания школы я поступила в Колледж на специальность «Хоровое дирижирование», так как хотела продолжить свою творческую жизнь.

Несмотря на то что учиться было непросто, о колледже у меня остались самые приятные воспоминания. Колледж стал для меня не только местом учёбы –  в нём я приобрела много хороших друзей и подруг, с которыми по сей день поддерживаю хорошие тёплые отношения.

Чем запомнился мне Якутский Колледж Культуры помимо учёбы? Всем известно, что студенческие годы — самые прекрасные годы жизни! Студенческая жизнь в колледже просто «бурлит»! Проводятся различные мероприятия: конкурсы, концерты, олимпиады… Все четыре года учёбы мы не скучали. Теперь на встречах с одногруппниками мы часто вспоминаем наших преподавателей, выступления, занятия, экзамены, разные случаи, которые надолго останутся в нашей памяти. Обучаясь, я прошла шикарную практику, где многое стало понятным.

После окончания колледжа я поступила в Московский Институт Культуры и Искусств. Знания, полученные в колледже, пригождаются мне в Институте. Свои бесконечные благодарности хочу передать своим преподавателям Елизавете Степановне, Ларисе Васильевне, Нюргустане Николаевне, Маргарите Никифоровне и всем педагогам.

Кычкина Нарыйа Кирилловна, студентка Московского

Государственного института культуры, отделения «Хоровое дирижирование».