Төрүт культура салаатын  арылы саҕахтара…

Культура уонна искусство колледжыгар төрүт культура салаатыгар үөрэнэ сылдьыбыт сылларбыт олохпут, эдэр сааспыт бэрт кэрэ түгэннэрэ буоллахтара…

Туттарсар кэммитигэр, 90-с сыллардаахха, саха төрүт культуратын сөргүтүүгэ, сайыннарыыга  уустук да буоллар, эрэннэриилээх кэм үүммүтэ. Национальнай концепция боппуруоһа киэҥник улуустарынан, нэһилиэктэринэн тарҕанан, мунньахтарга сытыытык туран, оскуолаларга төрүт культура, «Кыыс Куо», «Үрүҥ Уолан» үөрэх программалара киирэн үлэлээбиттэрэ. Хаһыаттарга төрүт культура, сиэр-туом, итэҕэл өйдобүллэрэ бэчээттэмиттэрэ, научнай методическай кииҥҥэ үөрэххэ  көмө пособиелар тахсыталаабыттара. Үрдук уонна орто үөрэх тэрилтэригэр эмиэ «фольклорнай» диэн ааттаах салаалар арыллыбыттара.  Саха омук өйө-санаата уһуктан, бэйэтин төрүт итэҕэлигэр, культуратыгар чугаһаан, иккистээн тыыннаммыта.  Культура уонна искусство колледжын директора Макарова Аграфена Дмитриевна сүҥкэн кылаатынан бу салааны тэрийэн арыйтарбыта буолар.

Биһиги үөрэнэр сылларбытыгар  бу салаа саҥа арыллан сахалыы тыыннаах ырыа-тойук, чабырҕах үгүс этэ. Ол саҕана советскай кэмҥэ хомуллубут фольклор матырыйааларыгар тирэҕирэн үөрэнэрбит. Саха сирин араас муннуктарыттан үөрэнэ кэлбит дьоҕурдаах оҕолор илдьэ кэлбит оһуохайдарын, тойуктарын араастарын, норуот ырыаларын, чабырҕахтарын, олоҥхолорун ырыатын-тойугун сэҥээрэн толорорбут.

Предметтэргэ эмиэ бэйэлэрэ сиппит-хоппут, эдэр оҕолору кытта үлэлииргэ дьоҕурдаах, үөрэтэр предметтэрин билэр учууталлар үлэлэспиттэрэ. Федоров Афанасий Семенович, Васильев Анатолий Иванович, Васильев Иван Герасимович, Боппоенова Мария Гаврильевна, Александра Николаевна Васильева, Василий Андреевич Ноговицын,  Любовь Афанасьевна Каратаева, Александр Романович Александров, Георгий Георгиевич Сергучев, Люция Иннокентьевна Докторова  о.д.а.

Аан маҥнай көрсүбүт Уһуйааччыларбыт республикабыт культуратын хаҥатыспыт, сайыннарбыт, бэйэбит төрүт культурабытын уһугуннарбыт, тилиннэрбит  биллиилээх тумус туттар дьоннорбут! Маҥнай туттарсар саҕана абитуриеннар Афанасий Семенович Федоров Саха Республикатын үтүөлээх артыыһа, Россия культуратын үтүөлээх үлэһитэ уһун хаар маҥан баттаҕын көрөн ытыгылыы көрөллөрө. Кини аргыый сыыйа тардан дьүрүһүтэн туойбута хайа да уһуйуллааччы кутун туппута, сүрэҕэр сүппэттик сөҥмүтэ. Анатолий Иванович Васильевы,  Саха республикатын культуратын үтүөлээх үлэһитин көрүстэхпитинэ, кини саҥатыттан ордук долгуйарбыт, толлорбут: саҥарар саҥата оннук тиийимтиэ уонна күүстээх этэ. Чахчы бэйэтин дьыалатын таптыыр, дириҥник билэр, ытыктанар киһи этэ.

Иван Герасимович Васильев кэпсээтэҕинэ кини элбэҕи билэриттэн, уустаан-ураннаан хомоҕойдук кэпсиирин умсугуйан истэрбит.

Мария Гаврильевна Боппоенова оччолорго айар үлэтин саҥа саҕалаан эрэр кэмэ этэ. Олус кыраһыабай, уурбут-туппут курдук чочуонай быһыылаах, саҥарар саҥата чуолкай уонна ылыннарыылаах. Кини биэрэр режиссура предметигэр оруолларынан арахсан ааҕарбыт, ырытарбыт,

Александра Николаевна Васильева куруук күлэн-мичилийэ сылдьар уп-уһун суһуохтаах, сырдык сэбэрэлээх  эдэркээн саха нарын кыыһа саха тылын уонна литературатын олус да чугастык сааһылаан кэпсиирэ!

Василий Андреевич Ноговицын ыытар фольклористика предметигэр тэбэнэттээхтик, дьээбэлээхтик норуот айбыт кэпсээннэрин, номохторун, уус-уран айымньыларын хааһахтан хостуур курдук сэһэргиирэ! Бэйэтэ толорон көрдөрөн биэрэрэ. Бу маннык киэҥ билиилээх-көрүүллээх, ытыктанар, бэйэлэрин идэлэригэр бэриниилээх  дьоҥҥо үөрэммиппитинэн киэн туттабыт, дьоллоохпут!

Маҥнай торүт культура салаата «фольклорнай отделение» диэн ааттааҕа. Бэйэбит уһуйуу, хомус предметтэрэ барар  кылаастардаах этибит. Үөрэхпитигэр төһүү күүс буолар, элбэх материаллаах кабинеппытын Люция Иннокентьевна Докторова үлэлэтэрэ. Кини биһиэхэ саҥа тахсыбыт кинигэлэри, хаһыат ыстатыйаларын хомуйан наардаан мунньан биэрэрэ, онуоха махталбыт муҥура суох!

Ырыа матыыба, кылыһах таһаарыыта, оһуохай арааһа, этюдтары оонньоон көрдөрүү – барыта олус интириэһинэй этэ!  Үөрэхпит ис хоһооно саҥа сүүрээн буолан барыта олус баай, сонун этэ:  Саха государственнай университетыттан, Гуманитарнай чинчийэр институттан профессордар, доценнар, научнай үлэһиттэр  этнографияҕа, культурологияҕа, саха музыкальнай инструменнарын историятыгар, фольклористикаҕа  кэлэн үөрэтэллэрэ: Мухоплева Светлана Дмитриевна, Зверев Арсен Григорьевич, Яковлев Вильям Федорович, Жиркова Римма Романовна, Попова Мотрена Алексеевна, Павлов Анатолий Николаевич – Дабыл, Афанасьев Лазарь Афанасьевич – Тэрис  о.д.а.

Биһиги отделениебыт куоракка, республикаҕа буолар бары сахалыы тыыннаах, айылҕалаах мероприятиеларга барытыгар кыттыһар. Маҥнайгы туругуруу ыһыахтарга Уус – Алдан Дүпсүнугэр,  Мэҥэ-Хаҥалас Хаатылыматыгар, Дьокуускайга о.д.а.сирдэргэ сиэр-туом ситэриилээх, хомоҕой  хоһоонноох, ылбаҕай ырыалаах тахсыбыппыт. Онно директорбыт Аграфена Дмитриевна сахалыы таҥас–кыргыттарга халадаай ырбаахы, хаһыаччык, оҕуруолаах бастыҥа, этэрбэс, уолаттарга – өҥнөөх ырбаахы, сукуна сон тиктэрбитигэр  атахпыт сири билбэт буолуохпутугар дылы үөрбүппүтүөн.  Биһигиттэн ордук  киэргэммит киһи суоҕун кэриэтэ этэ!

Айар коллективтар сыллата арыллан улэлэрин саҕалаабыттара: ол курдук «Эйгэ» студенческай театрга оҕолор туруорбут спектакллара оонньоноллоро. Театр үлэтэ кэлин үлэлии барыахтаах  студент өйүгэр-санаатыгар элбэх олугу уурдаҕа. Кэлин бу салааҕа кыргыттар «Туйаарар», уолаттар «Толомон» ырыа ансаамбыллара, хомусчуттар «Күрүлгэн», чабырҕахсыттар  «Оргуй-чоргуй» ансаамбыллара улэлээбиттэрэ эмиэ улахан төһүү этилэр.

Онно Саха Республикатын культуратын үтүөлээх үлэһитэ Георгий Георгиевич Сергучев, Саха республикатын үөрэҕириитин туйгуна Михаил Николаевич Винокуров, Саха республикатын культуратын үтүөлээх үлэһитэ Мария Гаврильевна Боппоенова кылааттара олус  улахан!

Билигин үксүбүт үрдук үөрэхтэнэн, талан ылбыт идэбитинэн таһаарыылаахтык республикабыт араас муннуктарыгар үлэлии-хамсыы сылдьабыт, үөрэммит кыһабытын төһө да сыл-хонук аастар, истиҥник – иһирэхтик саныыбыт, бэйэ-бэйэбитин кытта күн бүгүнугэр диэри билсэ турабыт.

Үөрэнэн бүтэрбит оҕолортон үөрэх культура эйгэтигэр  туйгуннар баар буоллулар. Республикаҕа биллэр алгысчыттар, ырыаһыттар, тойуксуттар, оһуохайдьыттар, фольклорнай коллективтар салайааччылара үүнэн таҕыстылар. Ол курдук Александр Васильевич Саввинов–биллэр алгысчыт, Григорьева Саргылана Васильевна–Хатас музыкальнай оскуолатын фольклорнай кылааһын салайааччыта, Варламова Ай-Куо Николаевна–Мирнэйдээҕи оҕо музыкальнай оскуолатын директора, Гуляева Галина Васильевна–Уус-Алданнааҕы оҕо музыкальнай оскуолатын директора, Винокуров Михаил Николаевич–биллэр алгысчыт, фольклору тарҕатааччы, Федот Федотович Львов–биллэр артыыс, Александр Дьячковскай–Саарын–биллэр ырыаһыт, Алексей Григорьев–Эрчим – ырыаһыт,  Виталий Очиров–алгысчыт, ырыаһыт о.д.а. тахсыбыттара.

Биһиги куорсун анньынан көппүт, көмүс ньээкэ уйабыт, үорэхпит салаата инникитин даҕаны үүнэ-сайда,  чэчирии турдун!

Культура уонна искусство колледжыгар

араас сылларга үөрэммит  выпускниктар ааттарыттан Д.М. Муксунова (Захарова),

А.В. Саввинов (1994 с. бүтэрбиттэрэ) Г.А. Лыткина (Винокурова) (2003 с. бүтэрбитэ).

 

Үөрэммит сылларым туһунан

 Мин оҕо эрдэхпиттэн ырыа-тойук аргыстаах буолан, төрөппүттэрим культура өттүнэн барарбын сөпсөөбүттэрэ.  Ленскэй улууһун Бэтинчэ оскуолатын 2001 с. бүтэрэн баран культура колледжыгар туттарсан киирбитим.

Бу үс сыл өйдүү-саныы сылдьыах курдук чаҕылхайдык ааспыта. Руководительбыт Мария Гаврильевна Боппоенова иккис ийэбит курдук иитэн-такайан таһаарбыта. Уһуйааччыбыт Михаил Николаевич Винокуров сахалыы ырыа-тойук, хомус, оһуохай араас кэрэ матыыбыгар уһуйбута. Биһиги кууруспутугар араас улуустартан талааннаах оҕолор мустубут буолан, колледж иһинээҕи күрэхтэргэ былааҕы ылар этибит. Кэнники бэйэ-бэйэбитигэр көмөлөсүһэн, ойөнсөн биир ыал оҕолорун курдук буолан хаалбыппыт.

«Сүүһүн туолбут эмээхсин» диэн дипломнай спектакльбытынан республиканскай күрэххэ кыайан Гран-При ылбыппыт. Араас концердарга, конкурстарга ситиһиилээхтик кыттыылары ылбыппыт.

Мин колледжка үөрэммиппинэн киэн туттабын, үөрэппит учууталларбар барҕа махтал тиэрдэбин. Билигин Государственнай Опера уонна балет театрыгар администраторынан үлэлии-хамсыы сылдьабын

Капралова Жанна Михайловна, 2004 с. выпускница.

 

Куорсун анньынан көтөн тахсыбыппыт

2007 сыл, сайын кэннэ. Кирова отут үһүс нүөмэрдээх дьиэтигэр Дьокуускайдааҕы Культура уонна Искусство колледжын, “төрүт культура” салаатыгар,иккис этээскэ үөрэххэ киириэхтээх оҕолору кытары кэпсэтии үлэтэ бара турарын туһунан, онно учууталынан үлэлиир, күтүөтүм Роман Афанасьевичтан истэн билэн кэлбитим. Арааһа, саамай бүтэһик хойутаан кэлбиппин быһыылаах, миигиттэн ураты атын оҕо ким да суоҕа. Оччолорго билбэппин, бу санаатахпына кафедра декана Охонооһуй Сэмэнэбис, Мария Гаврильевна, Александра Николаевна, Георгий Георгиевич уонна Роман Афанасьевич тута олороллоро.

  • Аатыҥ суолуҥ? – диэнтэн саҕаламмыта.

Саатар биир да ырыаны билбэппин, долгуйбутум да сүрдээх. Арай били элбэх киһини сордообут Айыы Уолун “Көмөлөс” эрэ диэн ырыам өйбөр көтөн түспүтэ. Онтон Мария Гаврильевна арааһа төһө сатаан артыыстыырбын уопсай турукпун билээри гыммыт быһыылаах, “туохта эмитэ оҥорон көрдөр” диэн буолла. Мин буоллаҕына “культура үлэһитэ буоллум эрэ, сатаан биир дискотеканы ыытар буолуохтаахпын” дии санаатым да уобарастаан танцплощадка оҥорон, дискотека ыытан киирэн бардым, бэйэбин туораттан көрөр киһи, төһө эрэ кыбыстыам эбитэ буолар!?

Дьэ ити курдук, син атын ыаллар оҕолоругар тэҥнэһэн, “чээн” дэттэрэн, Культура уонна Исскуство колледжын аанын  аан бастаан арыйа баттаан, культура сырдык эйгэтигэр атыллаан киирбитим.

Кураторбыт Винокуров Михаил Николаевич, бастакы уруогар “Көрүҥҥүтүүй, үчүгэйиэн, күммүт көмүс таммахтара…” диэн ырыанан саҕалаабыта, билигин да кулгаахпар олоччу олоро сылдьар.  Музыкальнай грамотаҕа Сергучев Георгий Георгиевич, кылааска киирээт, уруогун аргыый наллаан саҕалаан киирэн барбытын өйдүүбүн. Сытар ынаҕы туруорбат, үүнэн турар сибэккини тосту үктээбэт наһаа сымнаҕас көннөрү майгылаах киһи, музыка хас биирдии нотатын сыыспакка олус чуолкайдык таба тайанарга, ачыкытын көннөрө–көннөрө кэпсии турара бу баарга дылы. Күн курдук тырымнаабыт Александра Николаевна кэпсээбитэ барыта остуоруйа алыптаах дойдутун кэриэтэ, кини сэһэргээбитэ, субу баардыы харахпар көстөн кэлэрэ, уонна биллэн туран кини кэпсэтиитэ “кэнкириэтинэй!”. Биирдэ, арай, олоҥхону ырыта олорон “сэргэ төрдүгэр сэһэн” диэбиккэ дылы, кэпсээнтэн кэпсээҥҥэ киирэн бара турбуппут. Онно били олоҥхо уустук тылларын сатаан өйдөөбөккө бухатыырдаах, абааһы туох туһунан кэпсэппиттэрин тылбаастаатыбыт. Онуоха “Дыа, эн миигин убаастыыр буоллаххына, утуйбуппун кэннэ тыыппаккын, сөп дуо диэбит” диэн кырдьык да кэнкириэтинэйдик тылбаастаан күллэрбитин өйдүүбүн.

Режиссура уруога. Мин диэки көрдөҕүнэ, тугу саныырбын кытары ааҕар быһыылаах диэн, куттанан олох тугу саныырбын да билбэккэ олорбутум.  Алдьархай кытаанахтык көрбүт, истибит киһи уруогун толору саҕалаабытынан киирэн барбыта. Оччолорго саллан утары көрбөт, билигин туохха ийэм кэриэтэ саныыр күндү учууталым, иккис куурустан кураторбыт Мария Гаврильевна. Бу колледжка ааспыт үтүө кэмнэрим кэпсээннэрэ куруук “биирдэ Мария Гаврильевнаҕа үөрэнэ олорон”,  диэнтэн саҕаланар. Оо, мин наһаа сөҕөбүн, кини куруук олус үрдүк таһымнаахтык ыытар үлэлэрин,  ханнык баҕар табыллыбатах балаһыанньаттан быыс-арыт булан, сөптөөх суолу тутуһан иһэрин, күннээҕи олоххо көрсүбүт ыарахаттарга куруук мындыр сүбэлэрин.

Сөпкө этэллэр эбит. “Студент олоҕо – хаһан да умнуллубат саамай кэрэ сыллар” диэн. Манна мин көрсүбүтүм элбэх доҕотторбун. Манна мин гитара тыаһыгар ырыа ыллаабытым. Билигин бииргэ үөрэммит доҕотторум сорохторо араас улуустарынан, сорохторо куоракка хаалан үлэлииллэр, үөрэнэллэр. Көрсө түһэр түгэммитигэр, куруук колледжы ахтабыт. Ол сыллары төттөрү аҕалабыт.

Кэпсээнтэн кэпсээн, бара турдахха, ааттарынан ааттаталаатахха, колледжка үөрэтэр учууталлар, үлэһиттэр элбэхтэр. Тиэрдиэхпин баҕарабын барыбыт аатыттан, эһиэхэ күндү учууталларбытыгар “үлэҕитигэр олус бэриниилээхтик, сүүс быраһыан бэйэҕитин толору ууран туран биһигини үөрэппитигэр махталбын. Билии үрдүк чыпчаалыгар дабайарга ардыгар мөҕөн, ардыгар хайҕаан, кими даҕаны дьүһүнүнэн араарбакка, барыбытын биир тэҥник кынаттаан, олох сырдык аартыгар эрэллээхтик үктэннэрбиккитигэр сиргэ тиийэ сүгүрүйэбит. Баҕарабыт айар үлэҕитигэр үрдүктэн-үрдүк ситиһиилэри, кырдьар-ыалдьар диэни билимэҥ. Өссө да элбэх оҕону өрүү кынаттыы туруҥ! Дьокуускайдааҕы Культура уонна Искусство колледжын выпускниктара буоларбытынан биһиги олус киэн туттабыт.

Бэйэм туспунан сиһилии кэпсээтэхпинэ, үөрэхпин бүтэрэн баран “Арчы дьиэтэ” сиэр – майгы киинигэр иккис сылын ситиһиилээхтик үлэлии хамныы сылдьабын. Норуот маастара Михайлов Павел Николаевичка үөрэнэн хомус оҥоруутунан дьарыктанан эрэбин. Анна диэн истиҥ иһирэх кэргэннээхпин, тапталбыт бэлиэтэ күн сардаҥатын курдук Сандаара диэн кэрэ нарын кыыстаахпыт.

Иннокентий Седалищев,

ДьКуоИК ЭХТ 2010 с. выпускнига