Ыалдьыппыт – Анатолий Николаевич Павлов – Дабыл
Муус устар ый 26 күнүгэр үҥкүү уонна дирижерскай-хоровой салаа студеннарыгар, уһуйааччыларыгар сүрдээх дириҥ ис хоһоонноох, киһиэхэ уопсай билиини эбэр, идэҕэ уһуйууну чиҥэтэр бэрт истиҥ көрсүһүү буолан ааста. Ыалдьыппыт Анатолий Николаевич Павлов – Дабыл, Н.Е.Мординов – Амма Аччыгыйа аатынан “Кэскил” оҕо издательствотын кыраайы үөрэтэр отделын редактора, “Кут – Сүр” общественнай тэрилтэ чилиэнэ, Саха республикатын культуратын үтүөлээх үлэһитэ киһи эрэ сэргээн, сөҕө -махтайа истэрин курдук саха киһитэ итэҕэлгэ, олоххо -дьаһахха, тулалаан турар эйгэҕэ сыһыанын, бүгүҥҥү олох сыаннастарын туһунан, ордук чуолаан, култуура үлэһитэ билиҥҥи кэмҥэ туох – ханнык санаанан салайтаран үлэлиэхтээҕин – хамсыахтааҕын туһунан улахан суолталаах иһитиннэриини оҥордо, студеннар өйдөрүн – санааларын күннээҕи олохторугар хайдах туһаныахтаахтарын ыйан – кэрдэн, инники олохторугар кэскиллээх сүбэлэри биэрдэ.
Сити курдук, култуура колледжын студеннара уонна уһуйааччылара тапталлаах Республикабыт күнүн бэрт туһалаахтык, умнуллубаттык бэлиэтээтибит, ыалдьыппытыгар итии – истиҥ махтал тылларын этэн туран сэмэй бэлэхпитин туттардыбыт, инникитин саныы сылдьар курдук уопсай хаартыскаҕа түстүбүт уонна өссө да барыбытыгар туһалаах көрсүһүүлэри эрэнэ кэтэһэ хааллыбыт.
Үҥкүү уонна дирижерскай-хоровой салаа