Саха омугун үгэстэрин үйэтитэн l Рубрика “Слово о ветеране колледжа”
А.Д. Макарова аатынан Дьокуускайдааҕы культура уонна искусства колледжын төрүт культура салаата биир бастакыннан тэриллэн биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр сахабыт норуотун төрүт культуратын эдэр көлүөнэҕэ үөрэтиини саҕалаабыта. Бу салааны төрүттэспит биир киhинэн Афанасий Семенович Федоров буолар. Кини САССР үтүөлээх артыыһа, РФ культуратын үтүөлээх үлэһитэ, СР үөрэҕириитин туйгуна, Дьокуускай куорат, Уус-Алдан улууһун Дүпсүн нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, СР культуратын бочуоттаах үлэһитэ.
Афанасий Семенович 1941 сыл муус устар ыйын 7 күнүгэр Уус Алдан улууһун Дүпсүн нэһилиэгэр элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ күн сирин көрбүтэ. Сэттэ кылаастаах Дүпсүн орто оскуолатын бүтэрэн баран колхуоска трактористаабыта. 1961 сыллаахха Дьокуускайдааҕы культурнай сырдатар училище театральнай салаатыгар киирбитэ. Үөрэҕин бүтэрэн баран 1965 сыллаахха Кэбээйи оройуонун Сиэгэн Куол нэһилиэгин кулуубар сэбиэдиссэйинэн анаммыта. Афанасий Семенович онно тиийэн уус-уран самодеятельноһы өрө тардыбыта. Бэйэтэ ыытааччы, тойуксут быһыытынан элбэхтик тэрээһиннэргэ кыттар буолан, Сиэгэн Күөл кулуубун үлэтин көрдөрүүтэ биллэ сэргэхсийбитэ. Сыл аайы ыытыллар улуус фестивалларыгар, күрэхтэригэр куруук инники кэккэҕэ сылдьаллара. Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Кыым» хаһыат эдэр толорооччу талаанын, тута хоһуйар дьоҕурун, сценаҕа туттар-хаптар майгытын сөҕөн бэлиэтээбитэ. 1966 сыллаахха ССРС народнай артыыһа Д.Ф. Ходулов сүбэтинэн Афанасий Семенович П.А. Ойуунускай аатынан музыкальнай драматическай театр труппатыгар ылыллыбыта. 1968 сыллаахха Нам оройуонугар II Хомустаах бөһүөлэгэр көһөн, ыал буолан, кулууп сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ.
1969 сыллаахха Москваҕа М.С. Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училищеҕа үөрэнэ киирбитэ. Бу училищены 1974 сыллаахха бүтэрбитэ уонна П.А. Ойуунускай аатынан драматическай театрга артыыһынан ылыллыбыта. Үлэлиир сылларыгар театр сценатыгар Бөтөс (И.Алексеев «Суоһалдьыйа Толбонноох»), Урааҥхай Ойуун (И.Гоголев «Наара суох»), Уу таһааччы Ван (Б.Брехт «Добрый человек из Сычуани»), Кузьма (В. Распутин «Деньги для Марии»), Чачыгыр Таас Ойуун (П. Ойуунускай «Улуу Кудаҥса»), Калошин (А. Вампилов «Провинциальные анекдоты»), Багыыр суруксут (Э.Эристиин «Маарыкчаан ыччаттара»), Вральман (Д. Фонвизин «Недоросль») уо.д.а. оруолларын олус бэркэ оонньообута. Айбыт оруоллара саха көрөөччүтүн үрдүкү биhирэбилин ылбыттара. 1976 сыллаахха И.Гоголев «Саллаат сүрэҕэ» айымньытынан спектаакылга Чокуурап саллаат оруолун толорбутун иһин театр режиссера, актера, педагог А.Д. Попов аатынан үрүҥ көмүс мэтээлинэн наҕараадаламмыта.
Афанасий Семенович Саха сиригэр киинэ артыыһын быһыытынан эмиэ биллэр. Кини Того – «Пламя» (Беларусьфильм, 1972-1975, реж. В. Четвериков), разведчик Кеша Трофимов «Срочно…Секретно…Губчека…» (Мосфильм, 1982, реж. А. Косарев), Ойуун – «Иван Бабушкин» (Свердловская киностудия, 1984, реж. Г. Кузнецов) оруолларын үгүс көрөөччү биһирээбитэ. «Орто дойду» (Сахафильм, реж. А. Романов, Үрүҥ ойуун оруолугар), «Охоноон» (САССР Гостелерадиота. 1987, реж. А. Васильев, Охоноон оруолугар), «Сайылык» (Северфильм, 1992, реж. А. Васильев, дьаһайааччы оруолугар), «Ардах түһүөн иннинэ» (Николай оруолугар), «Алгысчыт» (Sen Eker Studio, 2021, реж. С. Ермолаев) сахалыы киинэлэргэ уһуллубута.
Афанасий Семенович норуоппут төрүт культуратын сайдыытыгар анаабыт уhун сыралаах үлэтэ үтүө түмүктэрдээх буолла. 1987 сыллаахтан саҕалаан сахалар сиэрдэрин-туомнарын, уус-уран тылынан айымньыларын араас жанрдарын эдэр ыччакка үөрэтиинэн дьарыгырбыта. 1987-1991 сылларга кини үөрэнээччилэргэ, СГУ студеннарыгар, «Төлкө» фольклорнай коллективы тэрийэн үлэлэппитэ. Бу коллектив Саранск, Пермь, Санкт-Петербург, Киев куораттарга буолан ааспыт Бүтүн союзтааҕы фольклорнай коллективтар фестивалларыгар хас да төгүл маҥнайгы миэстэни ылан үөрбүттэрэ. Бу үлэтин салҕаан 1993-1995 сылларга СГУ национальнай культура кафедратыгар эмиэ ырыаны-тойугу, саха культуратын эдэр ыччакка үөрэппитэ.
1989 сыллаахха Саха сиринээҕи культурнай сырдатар училищеҕа театральнай салааҕа «Алаас оҕолоро» факультативка оҕолору ырыаҕа-тойукка уһуйбута. Бу факультативтан саҕалаан культурнай сырдатар училищеҕа 1990 сыллаахха төрүт культура салаата арыллыбыта.
1990 сыллаахтан Культура уонна искусство колледжыгар төрүт культура салаатыгар уһуйааччынан, онтон 1994-2006 сылларга салаа сэбиэдиссэйинэн таhаарыылаахтык үлэлээбитэ. Кини «Уһуйуу» үөрэх программатыгар таба тыыныыны, тэтим, турук техникаларын, кылыһахтаах ырыаны-тойугу толоруу сатабылын, ону таһынан уус-уран айымньылары, сиэр-туом араастарын үөрэтиини киллэрбитэ. Кини бу программата СР үөрэҕириитин министерствотынан бигэргэтиллэн үөрэх кыһатыгар 2001 сыллаахха экспериментальнай площадка арыллан үлэлээбитэ. Үөрэх практиканы кытта ыкса сибээстээҕэ. 1990 сыллаахха маҥнай күнү көрсүү сиэрин-туомун бэйэтин дойдутугар Дүпсүҥҥэ тэрийбитэ. Кэлин маннык туругуруу ыһыахтарын Мэҥэ-Хаҥалас Хаатылыматыгар (1993-1995), Сунтаарга (1993), Верхоянскайга (1994-1995), Тулагыга тэрийбитэ.
1995 сыллаахха Илин Сибиирдээҕи Государственнай культура уонна искусство академиятын Саха сиринээҕи филиалыгар доценынан, национальнай культура кафедратын сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ.
Федоров А.С. культура уонна искусство колледжыгар үлэлиир кэмигэр норуоппут олоҕун-дьаһаҕын, культуратын бары хайысхатын көрдөрөр үтүө үгэспит – ыһыах хаамыытын, күнү көрсүү былыргы туомнарын сөргүппүт, норуокка улахан суоллаах-иистээх ытык кырдьаҕаспыт буолар. Кини бу үлэтэ сахалар бэйэбитин омук быһыытынан билинэрбитигэр, сыаналанарбытыгар олус улахан суолталаах. Кэлин ыллыктаахтык ылсыһан элбэх сиэри-туому үөрэтэн араас сылларга «Дьөһөгөй ыһыаҕа», «Кылыһах үөскээһинэ», «Салама ыйааһына», «Сайылыкка көһүү», «Уруу сиэрэ-туома», «Өбүгэлэрбит оонньуулара», «Эйгэ (сиэр-туом көcтүүтүн сценарийдарын хомуурунньуга», «Өбүгэ сиэрэ-туома», «Тускуо!» (cаҥа кэм салайааччыларыгар, кэрэ эйгэ үлэһиттэригэр көмө ыйынньык) практическай суолталаах кинигэлэри бэчээттэтэн таһааттарбыта. Кинигэлэр күн бүгүҥҥэ диэри биһиги колледжпыт төрүт культура салаатын уһуйааччыларыгар, студеннарыгар, төрүт культура специалистарыгар, интэриэһиргээччилэргэ үөрэхтэригэр, үлэлэригэр тирэх буолаллар. Ол курдук, үөрэхпит кыһатыгар тэриллэн үлэлиир «Эйгэ» народнай студеннар театрдарыгар үгүс сиэр-туом сөргүтүллэн туруоруллан көрөөччү биһирэбилин ылла, норуокка киэҥник тарҕанна. Бу үлэлэр фольклор араас жанрдарыгар, этнография, архыып матырыйаалларыгар олоҕурбуттара.
Афанасий Семенович билигин А.Д. Макарова аатынан Дьокуускайдааҕы культура уонна искусства колледжын уонна Арчы Дьиэтин тэрээһиннэринэн «Уһуйуу» диэн үс түһүмэхтээх үөрэх куурсун тэрийэн ыытар. Бу кууруска сахалыы сиэргэ-майгыга, сиэри-туому тэрийиигэ, ырыаны-тойугу, алгыһы толорууга үөрэнэллэр. Маны таһынан билиҥҥи кэмҥэ ыһыаҕы, сиэри-туому тэрийиигэ, ыытыыга сүбэ-ама биэрэн бар дьонугар тирэх, көмө буолар.
Афанасий Семенович саха омугун үгэстэрин, сиэрин-туомун, ыhыаҕын сөргүтэн, ырыатын-тойугун, үҥкүүтүн-битиитин, тылын-өhүн сайыннаран, ону ыччакка иҥэрэн, норуот материальнай, духуобунай культуратын барҕарыытыгар киллэрбит кылаата сүҥкэн. Бүгүн кини үлэтин үөрэнээччилэрэ салҕыыллар.
Ытыктабыллаах Уһуйааччыбытыгар, холобур оностор киһибитигэр Афанасий Семеновичка чэгиэн-чэбдик доруобуйаны, уһун дьоллоох олоҕу баҕарабыт!