Саха киһитэ былыр-былыргыттан үгэс быһыытынан сир-халлаан муҥутаан силбэһэр таайтарыылаах таҥха кэмигэр хайдах олоруоҕун билгэлээн араас оонньуулары тэрийэр. Кырдьаҕастар таҥха күннэрин христианскай итэҕэли кытта сибээстииллэр. Былыр этэллэр эбитэ: «сүллүүкүттэр» диэн уу абааһылара тохсунньу ый 11 түүнэ ааһан 12 күнэ үүнүүтүгэр сарсыарда орто дойдуга тахсаллар» – диэн.

Тохсунньу ыйга сахалар араас таҥха оонньууларын ыыталлар. Этэрбэс хаамтарыыта, бүргэс, бүлүүһэ сүүрдүүтэ, кыбыылаах окко саһан олорон сылгылар кэпсэтиилэрин иһиллээһин, сэргэни кууһуу о.д.а. таайтарыылаах билгэлээһин ньымалара бааллара.  Билигин сахалар  ый ити  күннэригэр бэйэлэрин, дьиэлэрин-уоттарын харыстаан, ааннарынгар, түннүктэригэр тымтыгынан кириэс оҥорон кыбытыахтарын уонна киэһэ өттүгэр таҥха оонньууларын тэрийиэхтэрин сөп.

Биһиги үөрэхпит кыһатыгар тохсунньу 18 күнүгэр сыл аайы тэриллэр «Таҥха киэһэтэ» диэн  тэрээһин буолан ааспыта. Билгэлэниэхпит иннинэ «Сүллүкүүн оҕотун баспыт» диэн оонньууну көрөөччүгэ көрдөрбүппүт. Таҥхаҕа киирии туомун толорон таҥха оонньууларын саҕалаабыппыт. Ол курдук «сүллүүкүнү кытта хаартынан оонньуу», «бүргэс сүүрдүү», «биһилэх көрүү», «күлүк көрүү», «буосканан сэрэбиэй» «кинигэнэн таайыы», «түөрэх быраҕыы» уонна таһырдьа  «ойбону иһиллээһин» диэн таҥха оонньууларын иилээн-саҕалаан ыыттыбыт.

Быйыл тэрээһиҥҥэ элбэх дьон-сэргэ түмсэн кэлэн кыттыыны ылбыттарыгар биһиги куурус олус үөрдүбүт. Маннык тэрээһиннэри ыытан элбэх саҥа билиини ыллыбыт, практическай дьоҕуру  эбиннибит диэн бигэ эрэллээхпит. Таҥха киэһэтэ ыраастаныынан түмүктэннэ.

 

Төрүт култуура салаатын I кууруһун устудьуоннара